Читать книгу Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник - Страница 4
Үс Бүлүүгэ ойууннааһын историятыттан
Үс Бүлүү ойууннара
ОглавлениеСахалар үйэлэр тухары ойууннааһыҥҥа улахан суолта биэрэллэрэ. Кинилэр тыл күүһүнэн өйү-санааны сайыннаран, араас ыарыылартан дьону эмтээн улахан көмөнү оҥороллоро. Хас биирдии ойуун бэйэтэ кистэлэҥнээх, туттар ньымалаах буолара. Өбүгэлэрин кистэлэҥин илдьэ кэлбит буолан, ойууннааһын дириҥ силистээҕэ.
Үрүҥ Аар Тойон итэҕэлин аан бастаан тарҕаппыт дьоммутун ахтан ааһар биһиги ытык иэстээхпит. Быдан былыргыттан биллэр Айыы ойууна Сандаар Уһуму Аар Айыы итэҕэлин ыыта сылдьыбыт. Сандаар Уһумуттан саҕалаан Айыы үөрэҕэ тарҕаммыт. Бу улуу ойуун – төрүттэрбит Байкал таһыттан улуу Туймаада хочотугар көһөн кэлэ иликтэринэ олоро сылдьыбыт киһи. Онон биһиги кинини Айыы үөрэҕин саҕалааччынан билинэбит. Бу улуу кырдьаҕас ХIV – ХV үйэлэр ыпсыыларыгар олоро сылдьыбыт диэн сабаҕаланар. Улуу Айыы ойууна Сандаар Уһуму, саннын байаатыгар диэри түспүт маҥан баттахтаах, үп-үрүҥ таҥастаах ытык мааны кырдьаҕас, тоҕус чуораана кылырҕаабытынан, үрүҥ дэйбиирдээх тус илинтэн сэрии сэптээх-сэбиргэллээх иһэр дьоҥҥо утары барбытыгар анарааҥҥылара Таҥара иһэрин курдук ылыммыттар.
Ытык кырдьаҕас эбэҥкилэргэ тиийэн тохтообут уонна халлаан диэки икки илиитин өрө уунан туран дорҕоонноох куолаһынан саҥаран дуораһыппыт: «Аан дойдуну айбыт Айыы Тойон Таҥара, үс дойдуну үөдүппүт Үрүҥ Аар Тойон! Айыы намыһын санааҕынан алдьархайы оҥорторума!» Ити тыллары истээт, эбэҥкилэр сэриилэһэр сэптэрин сиргэ ууран, биир сиргэ муспуттар – кыргыһыы буолбатах, хаан тохтубатах. Иллээх-эйэлээх олоххо бастакы хардыы оҥоһуллубут.
Улуу Айыы ойууна Сандаар Уһуму албан аата, Айыы ойууннарыгар итэҕэлэ чыпчаал, үрдүк билии, уһулуччу таһым холобура, уоттаах сирдиир сулус буолан, күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэллэ.
Татаар Тайма – Эллэй аҕата. Аар Айыы итэҕэлин улуу үөрэҕин Саха сиригэр тиэрдибит, онон айыы аймаҕар, күн ууһун дьонугар туохха да тэҥнэммэт улахан өҥөлөөх Айыы ойууна. Профессор Н.Е. Петров Саха киһитэ барыта кэриэтэ оҕо эрдэҕиттэн истибит, киэҥник тарҕаммыт Эллэй уонна Омоҕой туґунан историческай үһүйээҥҥэ Эллэй Боотур ыһыаҕы ыспыта, оһуохайы олохтообута: чороон арааһын, туос иһит эгэлгэтин оҥорон, кымыһы, аһы-үөлү дэлэйдик бэлэмнээн, Айыы итэҕэлин сиэрин-туомун тутуһан Үрүҥ Аар Тойонтон саҕалаан Үөһээ Аар Айыылары барыларын ааттаан, анаан-минээн алҕаан, арыылаах кымыһынан айах тутан, оһуохай тэрийэн, айыы тыына иҥмит илгэлээх кымыһынан дьонун-сэргэтин аһаппыта. Итиниэхэ Үрдүк Айыылар Эллэй таҥараҕа тиксэр алгыстаах улахан малааһынын, ритуальнай үҥкүүтүн бэркэ сэргээн илэ биллэн ааспыттара диэн суруйар.
Номоххо кэпсэнэринэн, Эллэйдээх бу дойдуга аҕалан испит кинигэлэрин ууга түһэрбиттэр. Улуу историктар Г.В. Ксенофонтов, Ф.Г. Сафронов, А.И. Гоголев сахалар руническай суруктаахтарын дакаастаан тураллар. Руническай сурук саха култууратыгар киэҥник тарҕамматах. Дьаархан Аартыга диэн сиргэ өбүгэлэрбит хайаҕа «Аһар улуу ытык хобу (алгыһы)» диэн сурук хаалларбыттар эбит (А.И. Кривошапкин-Айыҥа). Сахалар былыргы суруктарын туһунан Кытай архыыбыгар баар буолуон сөп диэн сабаҕалыыбыт.
Эллэй – Аар Айыы итэҕэлин сырдык уотун Саха сиригэр тэниппит умнуллубат үтүөлээх Улуу Айыы ойууна. Кини үөрэҕин салҕаабыт киһинэн Эллэй төрөппүт уола Намылҕа Силик (Сүүрүк) буолар. Кини аҕатын суолун солоон, Улуу Айыылартан үҥэн-сүгүрүйэн көрдөспүт. Улуу Туймаадаҕа уонна чугаһынааҕы сахалар олохсуйбут сирдэригэр саха олоҕо-дьаһаҕа үтүмэн үгүс үйэлэргэ сайдан, киэҥ, кэтит кэскиллэнэр кыаҕа суоҕун, муҥурун билэн улаханнык муунтуйбута уонна үөһээ Үрдүк Айыыларга тиийэн көрдөһөөрү, Халлааҥҥа илэ көппүтэ. Ол эрээри буолуохтаах дьылҕаны кыайан төлөрүттэрбэтэҕэ.
Н.Д. Васильева 2000 с. Дьокуускайга таһаартарбыт «Якутское шаманство. 1920–1930 гг.» кинигэтигэр саҥа былаас бастакы сылларыгар (1920—1930-с сс.) Саха сиригэр 380 ойуун баарын испииһэктээн киллэрбит, ол иһигэр 97-тэ Үс Бүлүүттэн эбит. Өссө сорох ойууннар киирбэтэхтэр, холобур, Тумус Мэхээлэ, Г.А. Эллээһэп-Григорьев. Бу ааттаммыт дьон ойууннааһыны утары охсуһуу күүһүрбүтүгэр Киччэҥинэн, Бүлүү өрүс бултаах-алтаах арыыларынан күрэнэн сылдьыбыттар. Онон, нэһилиэк «хараҕын» далыттан тахсаннар хабыллыбатахтар. Оччолорго Саха сирин ойууннарын биэс гыммыттан биирэ Бүлүү үс улууһугар олороллоро киһини сөхтөрөр. Ону хайдах быһаарыахха сөбүй?
Сахалар Бүлүү эбэ алын уонна орто сүнньүлэригэр олохсуйууларын саҕана Хаҥаластан кэлбит элбэх биллэр ойууннаахтара. Бастаан бу сирдэргэ көһөн кэлбит улахан бөлөх (40—80-ча киһилээх) баһылыга Туоҕа (Дуоҕа) Боотур (кэлин кинини олохтоохтор Тойон Булгудах диэн ааттаабыттар) Айыы ойуунун быһыытынан биллэр. Кинини кытта Лүксүрээни ойуун кэлсибит. Кини өлбүтүн кэннэ Миирээйик аҕа ууһун ойууна буолбут.
В.Л. Серошевскай «Якуты» кинигэтигэр олоро сылдьыбыт улахан ойууннар ааттарын (реестр шаманов) киллэрбит. Ол испииһэккэ Маһары уола Күүстээх Күчэнэк (Кылыыһыт ойуун, Хара Бытык); Хаҥаластан – Үрүҥ Бас; Куокуйтан – Сыдыбыл Дабудаков (кэлин Чочуга олохсуйбут бадахтаах), Иктей Кривой; Тоҕустан – Кулакай, Дебука, Челодай, Даку; Лүүчүнтэн – Одуй бааллар. Туоҕа Боотуру Даку (Дака) диэн аатынан оччотооҕу докумуоннарга нууччалар суруйа сылдьаллар. Онон кини улахан ойуун буоларын В.Л. Серошевскай бигэргэппит. Кинини уонна сиэнин Дьолуодайы (Ааттаммат Ойуун) Тоҕустарга киллэрбиттэригэр киһи соһуйара суох. Ону быһааран биэрэргэ холонобут.
Туоҕа Лүүчүн сиригэр тиийэн киис соноругар кэлбит тоҕус (элбэх) биистэн түммүт дьонун Тоҕустар диэн ааттаабыттар. Кырдьык да, үһүйээннэртэн уонна докумуоннартан сэдиптээтэххэ, инники тиийэн олохсуйбут Туоҕа Боотур баһылыктаах хаҥаластарга киин сирдэртэн кэлэн холбоспут дьону барыларын хас да аҕа ууһуттан турар биир Тоҕус аҕатын ууһа диэтэхтэрэ. Сахаларга аҕыс уонна тоҕус ахсаан элбэх диэн суолталааҕын М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ кинигэтигэр бэрт итэҕэтиилээхтик суруйан турар. Онон тоҕус диэн чопчу ахсааны көрдөрбөт, элбэх диэн өйдөбүллээх буолуон сөп курдук. Киис соноругар кэлин даҕаны Саха сирин араас муннуктарыттан Лүүчүн сиригэр элбэх дьон кэлэн тоҕуорустахтара. Кинилэртэн сорохторо бу сиргэ хаалан олохсуйдахтара. Олор кэлин, киис ахсаана лаппа аччаабытын кэннэ, аһаан-таҥнан олорор балыктара-бултара бүтэ быһыытыйбытыгар, сүөһү ииттэргэ табыгастаах сирдэргэ көһөртөөбүттэр. Оччотугар «тоҕус төрүттэрин биллиннэр», «тоҕус төгүл тоҕолоох тоҕус сэлэ олохтоох, Туоҕа баатыр баһылыктаах Тоҕус бииһэ» диэн этиилэр оруннаахтар. Онон Туоҕаны уонна Дьолуодайы Тоҕустарга киллэрбиттэригэр киһи соһуйара суох.
Лүксүрээни үөһэттэн анатыылаах, тойон ууһун биир бастыҥ Айыы ойууна, Туоҕа Боотур бииргэ төрөөбүт убайа. Кини Аар Айыы итэҕэлин илдьэ сылдьааччы Туймаадаттан Тыгын Тойон Бүлүүгэ сири баһылата ыыппыт дьонун кытта барсыбыта. Луксүрээни саҥа сиргэ Айыы ойууна ыытар сиэрдэрин-туомнарын толорон, үтүө сүбэһит быһыытынан көмөлөспүтэ.
Нууччалар Саха сиригэр кэлиилэригэр Үөһээ Бүлүүгэ сахалар суохтар этэ, аҥаардастыы тоҥустартан эрэ дьаһаах хомуйбуттара диэн учуонайдар бэлиэтииллэр. А.С. Парникова «Расселение якутов в XVII – начале XX вв.» үлэтигэр суруйарынан, бу сирдэргэ 1650–1652 сс. улахан уоспа туран, үгүс тоҥуһу эспит. Кураанахсыйбыт сирдэргэ Алын Бүлүүттэн уонна киин улуустартан сахалар кэлиилэрэ күүһүрбүт. Үөһээ Бүлүү симиэбийэтигэр 1667–1668 сс. 607 киһи дьаһаах төлүүр эбит буоллаҕына, онтон сахата – 321, тоҥуһа – 286 эбит. Сахалар манна 24 буоластан мустубуттара. Ордук хото Хаҥаластан (92 киһи), Бордоҥтон (63), Намтан (24). Улахан бөлөхтөр саҥа сирдэргэ көһөн тиийэллэригэр хайаан да ойууннаах буолалларын үһүйээннэртэн билэбит. Онон хаҥаластар да улахан ойууннардаах тиийбиттэрэ саарбаҕаламмат.
Биллэр учуонай Б.О. Долгих «Родовой и племенной состав народов Сибири в XVII веке» кинигэтигэр Сибиир норуоттара ханнык аҕа уустаахтарын үөрэтэн ырыппыта. Ити кинигэтигэр 1660 с. диэки Лүүчүн аҕатын ууһун киһитэ Баку Одукеев биэс дуу, алта дуу хамначчыттаах, 60-ча биэлээх уонна сурукка «первой человек в лучинах» диэн бэлиэтэммит диэн суруллубут. «Баку» диэн аат, Багдарыын Сүлбэ суруйарынан, сахалыыта «Бакы» диэн буолуон сөп. Бу сахаҕа тарҕаммыт аат эбит. Бакылар Горнайга уонна Үөһээ Бүлүүгэ олорон ааспыттар. Өссө Бакыйа, Бакынай, Бакынар, Бакыр, Бакыры, Бакырыйа, Бакырыыс диэн ааттар бааллар (Лүүчүннэр үйэлэр аҥааттар аартыктарынан. – Дьокуускай: Бичик, 2003).
Өссө биир суруйууга тохтуубут. С.А. Токарев «Общественный строй якутов XVII–XVIII вв.» үлэтигэр «У Вилюйского тойона Баку в 1667 г. было 5–6 холопей» диэн суруллар. Тэҥнээн көрүүгэ 1648–1649 сс. дьаһаах кинигэтигэр 1497 киһи аата киирбит буоллаҕына, олор истэриттэн 57-тэ хамначчыт эбит. Ол иһиттэн Хаҥалас 26 буолаһыттан, Мэҥэттэн – 5, Намтан – 2, Бороҕонтон – 1 бааллара ыйыллыбыт. Оччотугар Баку төрүт-уус киһи ыччата эбит. Кини аатыгар сөп түбэһэр Тыгын бииргэ төрөөбүт убайа Ника баар. Кини аҕыс уолаттардаах, олор истэригэр Одукей уонна Селбясин бааллар. Аны А.И. Эверстов «Ньидьили былыргыта» кинигэтигэр Одукей өссө биир Тукунай диэн аата сурукка киирбит уоллаах этэ диэбит. Тукунай уолаттара Ньидьили дьонун төрүттэрэ буолбуттара диэн ылыннарыылаахтык дакаастаабыт. Оччотугар Одукей-Уһун Ойуун уола Баку, сиэннэрэ Тения, Тулааһын (Тукунай уолаттара), Сэлбээһин уола Быыгынас ойуун ыччаттара Үс Бүлүүнэн киэҥник тарҕанан олохсуйбуттар эбит диэн этии оруннаах буолан тахсар.
Улуу Айыы ойууна Уһун Ойуун нуучча докумуоннарыгар Одукей Никин диэн аатынан киирэ сылдьар. Кини хаҥаластар биир улахан религиознай уонна көҥүл иһин 1641 с. өрө турууларын салайааччыта этэ. 1642 с. хабараан бойобуода П. Головин бу өрө туруу салайааччыларын, 23 киһини күүскэ накаастаан, ким да истибэтэх ыар муҥнааһыннарын муҥнаан баран, барыларын ыйаан өлөрбүтэ. Сорохторо, ити араастаан кэбилээһини тулуйбакка, эрдэ өлбүттэрэ, олору эмиэ хостотон таһааран ыйаталаабыта. Уһун Ойуун сүгүн өлбөккө, өлөрүөхсүттэри салыннарбыта. Ыйаабыттарыгар уһаан, атаҕа сиргэ тиийбит. Кини аптаах-хомуһуннаах Улуу Айыы ойууна этэ. Өлүөн иннинэ: «Аар Айыы Итэҕэлин Сырдык Уота саха дьонугар эргиллэр кэмэ кэлиэҕэ», – диэбит. Үйэ-саас тухары Айыы Ойууна, бу сүүрбэ үс ытык дьон ааттарын-суолларын Аар Айыыларга үҥэн-сүктэн ахта туруохтаах, үөскүүр, үүнэр саҥа көлүөнэ ыччат кинилэр ытык ааттарын ааттыы, кинилэргэ сүгүрүйэ турарыгар улахан олук оҥоһуллуон наада. Манна Одукей Никин-Уһун Ойуун аата маҥнайгынан ааттаныахтаах. Бу улуу төрүттэрбит, саха ньургун уолаттара Үөдүгэй, Ньыыка өлөллөрүгэр Аар уонна Айыы үөрэҕин тарҕатааччы Уһун Ойуун кинилэргэ туґаайан эппит этиитин өссө биирдэ санатар сөп: «Билигин кыайтардыбыт. Барыбытын кыргар санаалаахтар. Ол да буоллар Аар Айыы итэҕэлин кыыма куотта, бүктэ, саста. Онон кэнэҕэһин Аар Айыы үөрэҕэ төннүө!» (В.А. Кондаков).
Аҕатын өлөрөллөрүгэр Бакы (Баку) дьаһаах төлүүр сааһын ситэ илик эбит диэн сабаҕалыыбыт. Кини нууччалартан куотан Лүүчүн сиригэр, аймаҕа Туоҕа Боотур олохсуйбут дойдутугар, 1660-с сыллар эргин көһөн кэлбит бадахтаах. Сирэ-уота сүөһү ииттэргэ соччо табыгаһа суох буолан, Дьөккөн диэки көспүт. Кини уола Максим Гоголев-Тайана Багин (1699–1774 сс.) – 12 муостаах дүҥүрдээх Айыы ойууна.
Аны 1670-с сыллартан саҕалаан Орто Бүлүү симиэбийэтиттэн саҥа сирдэри баһылатаары сахалары Үөһээ Бүлүү симиэбийэтигэр көһөртөөн барбыттар. Олохтоох үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, 18 ыал Бүлүү өрүскэ кэлэн сүбэлэспиттэр. Өрүс уҥа өттүгэр Күҥкү баһылыктаах Быйакы, Чочу, Бакы, Чап, Быыгынас Боотур, Дьаархан, Күүлэ, Халбаакы хаалбыттар. Оттон өрүс хаҥас өттүгэр Наакаан баһылыктаах Дэди, Мотуруос, Лүһүрүкээн, Асхабыл, Эгэй, Өбүкэ, Суор ойуун, Түүлээх Түлэҕэй тахсаллар (Л.Ф. Николаев). Балар истэригэр Бакы уонна Быыгынас бааллара биһиэхэ кэрэхсэбиллээх. Сэһэҥҥэ Быыгынас ойуун (Боотур) Сиикэй Силбээһин уола дэнэр. Оччотугар Ника тойон сиэннэрэ тутуспутунан Лүүчүнүнэн эргийэн Үөһээ Бүлүүгэ тиийбэтэхтэрэ буолуо дуо?
Үөдүгэй буолаһыгар 1782 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ Бакы уолаттара Кукча уонна Тлектей ааттара киирбит. Аны Бүлүү сүнньүгэр ыытыллыбыт ходуһа үллэстиитин биэдэмэһигэр бу дьон ыччаттара Тыымпыга, Нялбигэҕэ, Сымалаахха, Соёх булуҥар, Саҥадьааҥҥа оттуур ходуһалаахтара бэлиэтэммит. Бакы сиэннэрэ Көтөрдөөххө тиийэ олохсуйбуттар, лаппа ыччатырбыттар (Бастакы Үөдүгэй. – Дьокуускай, 2013). Оччотугар Үөдүгэй, Көтөрдөөх, Сургуулук, Ыйылас аатырар ойууннара Ника тойон уолуттан Уһун Ойуунтан тымыр-сыдьаан тардан иһэллэр эбит диэн оруннаах сабаҕалааһыны оҥоруохха сөп.
В.Д. Стрелов «Акты архивов Якутской области (с 1650 г. до 1800 г.)» үлэтигэр «тигиилээх сирэйдээх» ойууннары Петербург куоракка ыҥырыы туһунан бастакы докумуон 1730 с. бэс ыйын 25 күнүгэр тахсыбытын суруйан турар.
Бу докумуоҥҥа ыйылларынан, дворянин Дмитрий Кычкин салалтатынан Санкт-Петербурга Сылан ойууна Кээрэкээн уола Кытаанах, Орто Бүлүү Лүүчүнүн ойууна Жолодой Дакин, Кэлтээки аҕатын ууһун дьоно Нямтуга Авранчин, Мияул Луксигин, Витимка, Хатылы нэһилиэгин киһитэ Топича Маянин бастаан утаа барыахтаах эбиттэр. Бу сэттэ киһиттэн биэһэ Орто Бүлүү ойууннара.
Тоҕо эрэ Бүлүү сириттэн ойууннары уонна «тигиилээх сирэйдээхтэри» өссө эбии көрдөөбүттэр. Онно Үгүлээт аҕатын ууһуттан Тулкига Урулин, Топича Маянин, Ардах Куреяков диэн тоҥустары эбии булбуттар. Санкт-Петербурга илдьэргэ Үгүлээт тоҥуһун Топича Маянины, Мукес Маржин, Кытаанах Налин диэн ойууннары, Намтага Мисяул, Витимка Куявылов диэн тоҥустары, Жолодай Дакины ойохтору илдьэргэ быһаарбыттар, атыттары барыларын дьиэлэригэр ыыталаабыттар (НА РС(Я). Ф.1-и. Оп.1. Д.4. Л.7).
Онно ыытарга Саха сирин үрдүнэн көрдөөбүттэр эбит. Ол аата элбэх киhини сыымайдаабыттар, талбыттар. Олоро бары Орто Бүлүү ойууннара буолбуттара киһини сөхтөрөр. Дьолуодай ийэтэ Нэлчэкэ аҕатын Туоҕа Боотуру удьуордаан удаҕан эбит, аҕата нуучча Михаил Жирков. Бииргэ төрөөбүттэрэ Соҕуру Оҕонньор-Клевинской Дакин, Дары Дакин-Степан Жирков (сахалыы аата Бэрэттимэй) эмиэ ойууннар этилэр. Балтылара Лыглыйа эмиэ аатырбыт удаҕан дьахтар, өссө убайдарыттан үрдүк таһымнааҕа үhү.
Орто Бүлүүттэн Үөһээ Бүлүүгэ тиийбит биир улахан бөлөх кырыкыйдар этилэр. Хойукка диэри Орто Бүлүү Кырыкыйа бэйэ-бэйэлэриттэн тус-туһунан сытар түөлбэлэртэн турара: Мукучу таһыгар Нээтийэ аҕатын ууһа олорбут сирэ, 3-с Тоҕуска (Тааһаҕар) Оҥхой уонна Үөһээ Бүлүүгэ билиҥҥи Кырыкый нэһилиэгин сирин сорҕото. Нээтийэ диэн ким буолуон сөбүй? История билимин доктора А.А. Борисов «Социальная история якутов в позднее средневековье и новое время» кинигэтигэр суруллубутунан, Тыгын сиэнэ Борток Мазарин 1720 с. түһээнин алта киис тириитинэн төлүүр эбит. Киниэхэ үс тастыҥ бырааттара Оелгу, Нятия, Оеннит көмөлөһөллөрө бэлиэтэммит. Онтон Күчэнэх (Кылыыһыт ойуун) кини бииргэ төрөөбүт быраата. Оччотугар Борток быраатын, Күчэнэх уолун аатырбыт Нээтийэ ойууну анаан-минээн киистэтэ диэн Орто Бүлүү Кырыкыйыгар олохсуппут буолуон сөп диэн сабаҕалыахха сөп. Онон Лүүчүн уонна кини таһынааҕы сирдэр хаҥаластар дьаһаахтарын төлүүллэригэр сүҥкэн оруоллаахтара саарбахтаммат. Нээтийэ Күчэнээхэп эмиэ Хаҥаластан төрүттээх ойуун эбит диэн бэлиэтиир тоҕоостоох.
Алын Бүлүү ойууннара үгүстэрэ Намтан төрүттээхтэр. Нам Таастааҕыттан Өрүүнэ удаҕан Тураах Баһылайга сүктэн кэлэн Кааракаан (Хара Хаан) ойууну төрөппүтэ. Кааракаан кэлин Намҥа баран олохсуйбут. Баай кыыһын кэргэн ылан, элбэх оҕолонон улахан аҕа ууһун төрүттээбит. Кыһалҕа ойуун, Босхос ойуун, Мэһэй ойуун (Барчаһыт ойуун) уо.д.а. Намтан төрүттээхтэрэ биллэр.
Таатта ойууннара Үс Бүлүүгэ кэлэн олохсуйбуттара эмиэ биллэр. Холобур, Үөһээ Бүлүү Кэнтигэр Саһыл ойуун, Алын Бүлүү Куокуйугар Көмүс ойуун уола Махса диэн ааттаах бэйэтэ эмиэ улахан ойуун олохсуйаллар. Аны Бүлүү Бороҕонугар билиҥҥи Уус Алдан улууһуттан Баара Бороҕон диэн удаҕан олохсуйан элбэх ыччаттардаммыта биллэр.
Онон В.Л. Серошевскай ахтыбыт түөрт улууһуттан Үс Бүлүүгэ улахан ойууннар, удаҕаннар кэлэн олохсуйан, кинилэр ааттара Саха сиригэр дорҕоонноохтук иһиллэр буолбут.
А.А. Павлов, М.П. Григорьев