Читать книгу Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник - Страница 14

Уһулуччулаах ойууннар, эмчиттэр
Алыһардаах Аана
Өтө көрүүлэрэ

Оглавление

Алыһардаах удаҕантан «иккистээн эргиллиэҥ дуо» диэн ыйыппыттарыгар эмээхсин эппит: «Ол дойдуттан киһи иккистээн эргиллэн төрүүрүн билбэппин. Кэлэр өттүгэр ойуун оруола намтыаҕа, ол эрээри олохтон сүтүө суоҕа. Лүүчүнтэн барбыт дьахталлартан, баҕар, үөскүөхтэрэ» – диэбит.

В.А. Кондаков Аананы өтө көрөөччү быһыытынан билинэр. «Саха дьоно кэскилбит хайдах буолуой?» диэн ыйыттахтарына Улуу Удаҕан долгуйара, ыксыыра үһү. «Оо! Дьэ кытаанах, кытаанах! Алдьархайдаах сэрии буолуо. Элбэх ыччаппыт сэриигэ баран өлүө. Манна хаалбыттартан кытаанах үлэттэн, ас-үөл суоҕуттан баһаам киһи хоргуйан өлүө. Биһиги дьоммут кыайыахтара. Онтон олох тупсан барыа. Дьон элбэхтик үлэлиэхтэрэ да, хамнастара кыра буолуо. Ол гынан баран эйэлээхтик олоруохтара. Иҥсэ-обот элбиэҕэ. Сири үлтү сүргэйдилэр. Умайар убаҕаһы хаһан таһаараннар, онно улахан эргиэн буолла. Ол убаҕаскыт кыайан дьаһаллыбакка, сири-дойдуну тунуйда. Иһэр уу хаалбата, барыта киртийдэ, салгын бүттэ. Биир испиискэ маһын уматан баран бырахтыҥ да – уулуун, ойуурдуун, салгынныын умайар кутталланна. Дьэ итини билбэтим туох кыайан тохтотуон? Ол барыта куһаҕаны аҕалыа. Оттон тимир тиһилик ыллыгынан уһун субурҕа сыарҕалаах улуу дьаалы оҕустарынан соҕурууттан-арҕааттан от-мас ахсаанынааҕар элбэх киһи кэлиэҕэ, онно түмсүүлээх эрэ буоллахпытына ордуохпут!» – диэн эппиэттээбит. Бу өтө көрүүтэ – киһи буруйунан айылҕабыт алдьаныыта улуу Ванга көрүүтүн кытта сөп түбэһэр.

Аана ийэ айылҕатын олус таптыыра, ис сүрэҕиттэн иэйэн, Ийэ кутунан таптаан, Буор Кутунан сөбүлээн, Салгын кутунан ылынан, Сүдү Сүрүнэн билэн, харыстыыра, көмүскүүрэ. Кини намчы иэйиилээх кута-сүрэ, үрдүк өйө, уһулуччу талаана, үөһэттэн анала барыта Ийэ Айылҕатын кытта ситимнээҕин үчүгэйдик өйдүүрэ. Ол-бу араас ойууннар алҕаан, аптаан этэн дархаһыйдахтарына: «Күтүрдэр! Сыыһа саҥарымаҥ! Ол эһиги суолгутун араас абааһыларынан арынаргыт, кээлээнигитин ыҥыраргыт, бэйэҕитин киһиргэнэн туонаргыт, турукка киирэргит алҕаныы уонна алгыс үһү дуо? Куккут иччитигэр, түөлбэлэргит да иччилэригэр сатаан алҕаабаккыт. Ол-бу баһыы кэптээх тыллары кыбытаҕыт. Абааһыта суох сатаммаккыт. Өбүгэбит Луоҕа Боотур алгыстара дьиҥнээх алгыстар буолаллар. Билигин ити Тумус Мэхээлэ син үчүгэйдик алгыыр. Алгыыр диэн үрдүкү таҥаралартан көрдөһүү, үҥүү, сүгүрүйүү, дьоҥҥо, айылҕаҕа үтүөнү ыҥырыы, айыы тыыннаах сиэр-туом ааттанар буолуохтаах».

Аана көрүүлэрэ атын өтө көрүүлэртэн улахан атына суох. Сорох этиилэрин норуот билиҥҥэ диэри уура сылдьан биһиэхэ аҕалбыт. Өссө революция иннинэ: «Ыраахтааҕыны устуохтара, өлөрүөхтэрэ. Саҥа кытаанах бэрээдэги олохтуохтара. Элбэх киһини сууттуохтара. Саҥа тойоттор олус суостаах-суодаллаах буолуохтара, тугу да харыстыахтара суоҕа», – диэбит.

«Туох дьиктитэ буолла?! Киһи барыта эмчит буолан турбут, бары көтөөрү гыммыт көтөр оҕотун курдук сапсыахайдаһаллар. Эмтиир быһыылара дуу, ити?! Дьиҥнээх эмчиттэр олус аҕыйахтар. Кинилэр ордуктара үөһэ тахсыахтара, сахалыы эмтээһин баар буолуоҕа», – диэбиттээх.

Сэрии алдьархайа буолуоҕун сэрэйбит. «Ол гынан баран сэрии иэдээннэрэ, чэгиэн эккэ кыра оһол бааһа түргэнник оһорун курдук, сотору ааһыахтара. Дьон-сэргэ олоҕо тупсуо. Оттон айылҕа алдьаныытын, уу, салгын сүһүрүүтүн иэдээнин туох кыайыа-хотуо эбитэ буолла?! Арааһа алдьархай, уопсай өлүү-сүтүү итинтэн тахсара буолуо», – диэн өтө көрүүтэ киһини элбэх курус санааҕа салайар.

Алыһардаах Аана сүппүт дьону булар дьоҕурдаах этэ. Онтон биир түбэлтэни холобур быһыытынан аҕалабыт. Бу үһүйээни Мукучуттан төрүттээх Семен Сидорович Ноговицын суруйбут, ону кыыһа Ефросиния Семеновна Багдарыын Сүлбэҕэ биэрбит.

«…Оччолорго мин биэстээх уол этим. Атырдьах ыйын ортотун эргин кэм эбитэ буолуо. Төрөппүттэрим оттуу сылдьаллара. Ийэм сарсыарда отугар барарыгар: «Тоойуом, тэлгэһэҕиттэн ыраах бараайаҥый. Мин сотору кэлиэм», – диэбитин өйдүүбүн.

Ол оонньуу сырыттахпына миэхэ бэйэм саҕа, туох да таҥаһа суох сыбыс-сыгынньах, ып-ыраас үчүгэй баҕайы уол тиийэн кэлбитэ. Кини: «Ойуурга отон наһаа элбэх, онно бараммыт отоннуох», – диэбитэ.

Мин оонньуурдарбын сүөкээн баран, туос ыаҕайабын илдьэ, уолу кытта барсыбытым. Ойуурга, кырдьык, отон элбэх этэ да, уолум тохтоон хомуйбакка баран испитэ. Мин кураанах ыаҕайабын туппутунан кинини батыһан испитим. Олус өр барбыппыт.

Онтон эмискэ уолум мэлис гынан хаалбыта. Маҥнай уолбун ыҥыра сатаабытым да, киһим суоҕа. Онтон ыксаан, куттанан, ийэбин ыҥыра-ыҥыра ытаабытым – ким да кэлбэтэҕэ. Ыаҕайабын туппутунан бара сатаан баран, сэниэм эстэн, хараҥарбытын кэннэ сыгынах хоонньугар киирэн саспытым. Ол сытан утуйан хаалбыт этим. Нөҥүө күнүгэр, ичигэс буолбутугар уһуктан, иһим тотуор диэри отонноон сиэбитим. Ытаабат этим. Күнү быһа дьиэбин көрдөөн хаампытым да, булбатаҕым. Итинник үс хонукка муна сылдьыбытым.

Үһүс күнүм сарсыардатыгар, эрдэ быһыылааҕа, тымныы баҕайы этэ. Суор хаһыытыттан уһуктубутум. Аттыбар сүрдээх чугас баҕайы сүүнэ улахан хара суор олороро. Бастаан куттана санаан баран, тоҕо эрэ кинини тутуохпун баҕаран кэлбитим. Батыспытым. Суор миигиттэн нэһиилэ куотар этэ. Эккирэтиһии буолбута. Иккитэ хаста ыаҕайабынан охсубутум да, таппатаҕым. Саамай итийэн-кутуйан эккирэтиһэн истэхпинэ, суорум «хоох» диэт, көтөн хаалла. Сонно тута дьон саҥатын иһиттим. Көрбүтүм – хас да киһи миэхэ сырсан иһэр. Куота сатаан көрдүм да, тараччы тутан ыллылар. Ыаҕайабын былдьаары гыммыттарыгар күүһүм баарынан кииристим. Онон былдьаабатылар. Бэрт түргэнник ат ыҥыырдааннар, биир киһи миигин көтөҕөн илдьэ барда. Аара утуйан хаалбыт этим. Ийэм айманар саҥатыттан уһуктубутум. Ийэм ытыы-ытыы миигин сыллыы турара.

Мин сүппүтүм кэннэ маннык буолбут. Сүттэҕим түүнүгэр дьону-сэргэни, чугас эргиннээҕи отчуттары барыларын хомуйан, көрдөөһүнү тэрийбиттэр. Икки түүннээх күн көрдөөн булбатахтар. Ыксаан олордохторуна ким эрэ Аана эмээхсиҥҥэ биллэрэр туһунан тыл быктарбыт. Дьэ онно өйдөнөн, аҕам эрэйдээх ааттаах ат үөһэ түһэн, сэттэ көстөөх сиргэ, Мастаахха (Кучаҥҥа. – М.П.), олорор Аана эмээхсиҥҥэ ыстаннарбыт. Эмээхсиннээх дьиэлэригэр түүн тиийбит уонна эмээхсинтэн көмөлөс диэн ытыы-ытыы көрдөспүт. Аана эмээхсин оҕо сүппүтэ бу түүн үһүс түүнэ буоларын истэн баран, ыксыы түспүт. «Үс хонукка диэри тоҕо биллэрээхтээбэтэх бэйэккэҕитий? Уу диэн эмиэ баар. Кыыл диэн эмиэ баар. Ону тэҥэ түүн тымныыга тоҥон иэдэйиэ буоллаҕа», – диэн аҕабын сэмэлээбит. Ол кэннэ: «Бэйи, мин билигин билэ сатыам», – диэт, хаппахчытыгар киирбит. Онно хамсалаах табах устата сүтэ түһэн баран, үөрэн-көтөн тахсан кэлбит уонна аҕабар: «Тоойуом, оҕоҥ этэҥҥэ сылдьар эбит. Эрэйдээҕим сыыһа охтубут тиит сыгынаҕын хоонньугар утуйан буккуруу сытар», – диэбит. Ол кэннэ аҕабын: «Уоскуй. Оҕоҥ сарсыарда түөртүүр саҕана дьиэтигэр кэлиэҕэ. Хата аһаан-сиэн, сынньанан манна утуйан хаал», – диэбитин истибэккэ, дьиэтигэр тэбиннэрэ турбут.

Инньэ гынан сарсыҥҥы күнүгэр миигин саҥа аҕалан турдахтарына, дьигиһитэн кэлбит.

Ойууну-удаҕаны төһө да арбаабатах иһин, Аана эмээхсин барахсан миигин оҕо эрдэхпинэ өлөр өлүүттэн итинник быыһаабыта. Ити барыта кырдьыктаах суол. Ону бэйэҕит сыаналыаххыт. Оттон мин бэйэм чааһым Аана эмээхсин үрдүк аатыгар сүгүрүйэбин», – диэн Тоһугуруур Уйбаан уола үрдүк үөрэхтээх комсомольскай-партийнай үлэһит И.И. Иванов суругун түмүктээбит.

Үс Бүлүү айдарыылаахтара

Подняться наверх