Читать книгу Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник - Страница 3

Үс Бүлүүгэ ойууннааһын историятыттан
Аар Айыы Ойуун үөрэҕин тарҕатааччылар

Оглавление

Проснется маленький северный народ, весь мир содрогнется.

Содрогнутся юг, запад и восток. Эти северяне могущественны по своей природе, и лишь чужая религия их разнила.

Нострадамус

Ойууннааһын аан дойду норуоттарыгар барыларыгар тарҕана сылдьыбыт. Марксист-учуонайдар кылаассабай сыһыаннаһыыны кытта сибээстииллэр. Дьиҥэр, ойууннааһын дьон общинанан олорор кэмнэрин саҕаттан баара дакаастанар. Бастакы ойууннарынан (удаҕаннарынан) дьахталлар этилэр диэн бүрээт учуонайа Г.Ц. Цыбиков быһаарар. Сахаларга дьахтар оруола күүстээҕин 1941–1945 сс. А.П. Окладников салалтатынан оҥоһуллубут хаһыылар түмүктэригэр булуллубут маллар көрдөрөллөр. Кырдьык, былыр дьахтары үрдүктүк туталлара. Бэл сайдыылаах Грецияҕа тыын боппуруостары жрец-дьахтар быһаарара, кини этиититтэн ким да тахсыбат, утарбат этэ диэн эпостарга кэпсэнэр.

Аатырар сэбиэскэй археолог А.П. Окладников түүрдүү тыллаах биистэр Өлүөнэ өрүс орто сүнньүгэр ХVI – ХVII үйэлэр кирбиилэригэр кэлбиттэрин быһаарбыта. И.В. Константинов түүрдүү тыллаах биистэр Өлүөнэ өрүһү Х – ХI үйэлэргэ булбуттар диирэ сөп курдук. Бу дьон сүрүн баайдара сылгы, таба буолуон сөп. Балары сахалар төрүттэрэ диир омсолоох буолуо. Оттон сахалар төрүттэрэ Омоҕой, Эллэй Өлүөнэ орто сүнньүгэр, ол аата билигин олорор сирдэригэр ХV үйэ бүтүүтүн диэки кэлбиттэр диэн ааҕара эмиэ сөп. Нуучча учуонайа П.Л. Драверт сахалар бу билиҥҥи дойдуларыгар кэлиэхтэрин иннинэ суруктаахтар этэ диэн Казань куоракка Нуучча Географическай уопсастыбатын кыттыылаахтарын мунньахтарыгар этиитэ улаханнык сэҥээриллибитэ. Кини ойууннар эмтиир кыахтаахтарын бэйэтэ көрөн сөхпүтэ. Сахалар олус дьоҕурдаахтарын, тугу барытын сатыылларын, ураты мындырдарын, үөрэххэ баҕалаахтарын бэлиэтии көрөн бу инники кэскиллээх омук буоларын сэрэйбитэ. Кини 1913 с. Казань куоракка Нуучча Географическай уопсастыбатыгар «Саха уобалаһыгар этнография уонна география боппуруостарыгар матырыйааллар» диэн темаҕа дакылаат оҥорбута. Саха ойууннара ураты дьоҕурдарынан ханнык баҕарар ыарыыны эмтииллэрин кэпсээбитэ. Онно Верхоянскайтан сылдьар саха кырдьаҕас эмээхсинэ улахан чиновнигы «перелой – бөрөлөй – сифилис» ыарыыттан официальнай эмчиттэр бары аккаастаммыттарын кэннэ быыһаабытын холобур аҕалбыт. Эмээхсин ыарыһаҕы сууйан, ыраастаан баран ханнык эрэ от суурадаһынынан хас да күн ыстарбыт. Ыарыһах үтүөрэн, ойох ылан, чэгиэн оҕолору төрөппүт. Тойон киґи ыарыытын олох суох гыммытын иһин эмээхсиҥҥэ улаханнык махтаммыт. Эмээхсин сотору кэминэн эмтээбит отун кистэлэҥин кимиэхэ да эппэккэ өлбүт. Сахалар эмтээх отунан туһаналларын нууччалар ХVII үйэ иккис аҥаарыттан билбиттэрэ. Ол курдук, 1674 с. эмтээх оттору хомуйуунан дьарыктанар Семен Епишев воевода И.В. Волконскай сорудаҕынан Саха сирин киин улуустарыгар үүнэр оттору хомуйан ыраахтааҕыга ыытан турар. П.Л. Драверт саха ойууннара ураты эмтиир дьоҕурдаахтарыттан сылтаан былаас өттүттэн ураты сыһыан баар буолуохтааҕын ыйар.

Ол курдук ХVII үйэ дьалхааннаах кэмнэригэр хаһаахтар сахалартан патриотическай өйдөөх-санаалаах салайааччыларын, өр сылларга мунньуллубут билиини тарҕатар ойууннарын өлөртөөбүттэрэ. Норуот оннук уһулуччу дьонун умнубат, дьоруойдарын күүстээх, өйдөөх, аптаах дьонунан үһүйээннэргэ ахтара диэн бэлиэтиир. Сахалар бэйэлэрин аҕа баһылыктарын Тыгын туһунан үһүйээннэри истибэтэх киһи суоҕа буолуо.

Драверт саха ойууннарын кыахтарын үрдүктүк сыаналыыр этэ. Кини ойууннар норуот өйүн-санаатын түмээччи буолан, Үрдүкү Айыылары кытта сибээстиир кыахтаахтарын толору итэҕэйэрэ. Ойуун көрүүтэ космологияны кытта сибээстээҕин, кинилэртэн улахан тойоттор куттаналларын, иирсибэттэрин бэлиэтиир.

Православнай таҥара итэҕэлин тарҕатыы сахаларга, атын да кыра омуктарга уустуктук барбыта биллэр. Кириэстэммиттэр дьаһааҕы төлүүргэ чэпчэтии ылаллара. Ол эрээри саҥа итэҕэли ылыммыттар биир да малыыппаны билбэттэрэ. Губернатор Крафт эппитинэн, сатаан да кириэстэммэттэрэ. Православнай таҥара дьиэтэ Сибиир норуоттарыгар үөрэҕи тарҕаппыта, нуучча тылын, култууратын нөҥүө атын омуктары кытта билиһиннэрбитэ.

Ойуун сахаҕа жрец, эмчит. Кини киһи ис дууһатыгар киирэн, айыылар көмөлөрүнэн ыарыһаҕы алгыһынан, абынан-хомуһунан, отунан эмтиир. Ол иһин дьон ытыктыыр. Саха киһитэ төһө да православнай итэҕэли ылыннар, нууччалыы аакка көстөр, өбүгэлэрин итэҕэллэрин умнубат.

Православнай таҥара дьиэтэ ойууннары утары харса суох охсуһууну саҕалаабыта. Ойууннар саһан олорорго уонна кистээн ойууннуурга күһэллибиттэрэ. Дьон-сэргэ ойуун туһатын өйдөөн кыаҕа баарынан киниэхэ көмөлөһөрө, харыстыыра.

Ойууннар утары ыраахтааҕы сорунуулаахтык туруммута. Ойууннааһыны бобор туһунан ыйааҕы воевода М.И. Арсеньев 1699 с. таһаарбыта. Иккис итинник ис хоһоонноох ыйааҕы 1841 с. уобалас начаалынньыга Д.И. Рудаков олохтообута. Бу дьаһаллар сүрүн сыалларынан ойууннары суох оҥоруу этэ. Куораттарга уонна таҥара дьиэтин таһыгар кыыраллара бобуллубута, ол да үрдүнэн ойууннар син биир кыыраллара, эмтииллэрэ.

Сэбиэскэй былаас итэҕэли суох оҥорор үлэни сорунуулаахтык ыыппыта. 1919 с. ыам ыйын 1 күнүгэр Бүтүн Россиятааҕы суґал хамыыґыйа бэрэссэдээтэлигэр кистэлэҥ сорудах бэриллибит. Ол докумуону туох да уларытыыта суох биэрэбит.

Российская Социалистическая Федаративная Советская Республика

Всероссийский Центральный Исполнительный Комитет Советов Рабочих, Солдат, Крестьян и Казачьих Депутатов Москва, Кремль № 1866672

Указание

В соответствии с решением ВЦИК Сов. Нар. Комиссаров, необходимо как можно быстрее решить с попами и религией. Попов надлежит арестовывать как контрреволюционеров и саботажников, расстреливать беспощадно и повсеместно. И как можно больше.

Церкви подлежат закрытию. Помещения храмов опечатывать и превращать в склады.

Председатель ВЦИК М. Калинин

Председатель Совета Комиссаров В.И. Ульянов (Ленин)

Билиҥҥи историктар этэллэринэн, бу олус кырыктаах докумуону Л.В. Троцкай бэлэмнээн, Политбюроҕа ылыннаран, М.И. Калиниҥҥа илии баттаппыт. Ленин 1918 с. атырдьах ыйын 30 күнүгэр бааһыра сытан докумуоҥҥа илии баттыыр кыаҕа суоҕа. Бу докумуон дьайыыта сэриигэ хотторбут Россия олоҕор улахан этэ. Дойду үрдүнэн таҥара дьиэтин халааһын судаарыстыба бэлиитикэтэ буолбута, үлэһиттэрин, ойууннары, отоһуттары эккирэтии саҕаламмыта. Кинилэр ойууннуур тэриллэрин, баайдарын былдьыыллара, кулаак оҥорон көскө ыыталлара. 1923 с. Ньурба улууһугар олорор норуокка биллибит эмчит Михаил Алексеевы эмтиирин бобон кулаак оҥорбуттар уонна биэс ынаҕын, үс торбоһун, икки атын былдьаан ылбыттар (НА РС(Я). Ф.87. Оп.1. Д.105). 1930 с. Орто Бүлүү улууһугар тимиринэн уһанан оҕолорун иитэр Петр Гоголевы саалтыырдыырын иһин уһанар тэрилин былдьаабыттар уонна эмиэ кулаак оҥорбуттар (НА РС(Я). Ф.87. Оп.1. Д.759). Уопсайа, 37 киһини ойууннааһыҥҥа уонна таҥара дьиэтин үлэһитэҕин диэн буруйдаан, баайдарын былдьаан кулаак оҥорбуттар. Н.И. Аввакумов этэринэн, сахалар төһө да саҥа итэҕэлгэ киирдэллэр үрдүк мутуктаах ойууннартан куттаналлар этэ, убаастаан ааттыыллара. Ойууннар баһыйар өттүлэрэ эмтиир дьоҕурдаахтара, араҥаччылыыр аналлаахтара.

Ойууннары, отоһуттары бобуу дьон олоҕор охсубутун губернатор Ю.И. Штубендорф бэйэтин отчуотугар анаан ыйбыта. Ол иһин Святитель Иннокентий дьаһалынан Дьокуускайдааҕы духуобунай семинарияҕа төрдүс кылааска сүрүн ыарыылары быһаарарга, норуодунай эмтиир ньымалары үөрэтэр буолбуттара. Үөрэҕи бүтэрэн тыа сиригэр үлэлии барар дьоҥҥо аптечка булуналларын ирдииллэрэ. Сотору кэминэн үөрэх министиэристибэтин чиновниктара духуобунай үөрэҕи бүтэрбиттэр нэһилиэнньэҕэ туһалара суоҕун өйдөөн, программаттан уһулбуттара. Саха ойууннара, отоһуттара көҥүлэ да суох буоллар эмтээн төһөлөөх киһини өлөртөн быыһаабыттара буолуой. Саха ойууннара айылҕаттан айдарыылаах, ураты дьоҕурдаах дьон биһиги киэҥ дойдубутугар төрөөн-үөскээн аастахтара.

Сахалар ойууннары икки көрүҥҥэ араараллар: Айыы ойууна (үрүҥ ойуун), айыы ойууна үтүө санаанан салайтаран Үрдүкү Айыылары кытта сибээһи олохтуур аналлаах. Үрүҥ ойуун хаһан да киһиэхэ куһаҕаны оҥорбот, таҥастаммат, дүҥүрдэммэт, Үрүҥ Аар Тойонтон өрүү көрдөһөр. Холобур, оҕоломмот дьахтар уол оҕо көрдөстөҕүнэ, Үрүҥ Аар Тойоҥҥо сиэртибэ диэн тугу да көрдөөбөккө, Маҥан Сылгылаахха эбэтэр Иэйэхсит хотуҥҥа дьаһал биэрэр. Маҥан Сылгылаах уолаттара сиргэ түһэн дьээбэлэнэллэр, эдэр кыргыттары тыыталлар, дьахталлары иирдэллэр. Ити түбэлтэҕэ кинилэри сиэмэх (абааһы) ойууна кыайыан, үүртэлиэн эрэ сөп. Үрүҥ ойуун сиргэнэн Маҥан Сылгылаах уолаттарыгар чугаһаабат. Маныаха абааһы ойууна хараҥа күүстэри кытта сибээстээх буолан, кинилэри төттөрү үүрэр эбит.

Сахаларга ойууннааһын сайдыытын туһунан сурукка киллэрии ХIХ үйэ ортотуттан саҕаламмыта. Урукку өттүгэр биирдиилээн учуонайдар үлэлэригэр көрөбүт. 1917 с. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ иннинэ тахсыбыт А.И. Муравьев-Апостол, В.Ф. Трощанскай, Р. Маак, Т.Ф. Миллер, В.Л. Серошевскай, И.А. Худяков, П.Л. Драверт үлэлэлэрэ биллэллэр. Бу учуонайдар Саха сиригэр ойууннааһын туһунан чинчийиилэрин үөрэтэн баран, биһиги кэммит улуу эмчитэ, ойууна В.А. Кондаков бу суруйуулар элбэх токурутуулардаахтарын, саха тылын билбэт буолан, элбэх сыыһа өйдөбүллээхтэрин, эбиитин бу дьон бэйэлэрэ ойууннааһын эйгэтин букатын билбэт, адьас ыраах турар дьон этилэр диэн сыаналаабыта.

В.Л. Серошевскай, Г.В. Ксенофонтов, Г.А. Попов ойууннары үс араҥаҕа араараллар: үрдүкү айдарыылаахтарга, орто баайыылаахтарга уонна кыра ойууннарга. Ойууннар бары кэриэтэ гипноһу кэмигэр сатаан тутталларынан уратылаахтар. Ойуун турукка киирэрин туһунан Сибиир ойууннарын үөрэппит В.М. Кандыба маннык түмүгү оҥорбут: «Наши личные исследования шаманизма в Сибири показали, что настоящий шаманизм – это явление, которое совершенно никем еще профессионально не изучено, так как ни один исследователь не знаком с трансовой наукой и феномологией, поэтому все прежние исследования совершенно дилетанские описания событий, сущность которых неизвестна. Мы абсолютно уверены, что понять, объяснить загадку шаманизма может только в области транса». Кандыба саха ойууннарын үрдүк таһымҥа туруорар.

Саха сиригэр ойууннааһыны В.А. Кондаков кэнниттэн К.Д. Уткин, Е.Н. Романова, У.А. Винокурова, Р.И. Бравина, В.Е. Васильев үөрэттилэр, кинилэр үлэлэрин ааҕааччы сэҥээрэн көрүстэ. Бу чинчийээччилэр сахаларга ойууннааһын түҥ былыр үөскээбитин билинэллэр. Ойууннар тыллара индоевропейскай төрүттээҕин, арийдар тылларын кытта сибээстээҕин ыйаллар. Сорох чинчийээччилэр скифтэри кытта сибээстииллэр. Ойууннааһыҥҥа сыһыаннаах үлэлэр кэрэһилииллэринэн, ойууннааһын философията, научнай төрүтэ, психологията кыайан быһаарылла илик. Онон болҕомто ууруллара наада.

А.А. Павлов

Үс Бүлүү айдарыылаахтара

Подняться наверх