Читать книгу Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник - Страница 5
Үс Бүлүүгэ ойууннааһын историятыттан
Ойууҥҥа уһуйуллуу
ОглавлениеАфанасий Мачахов «Чап уустара» кинигэтигэр дьону айылҕатынан көрөн маннык сүһүөхтэргэ араартыыр. Бастакытынан, бүтэй эттээх-хааннаах, ол аата айылҕаттан тугу да бэриһиннэрбэтэх көннөрү дьон. Иккис сүһүөх – аһаҕас эттээх, аһаҕас харахтаах дьон. Кинилэр мээнэ киһи көрбөтүн көрөллөр, истибэтин истэллэр, билбэтин билэллэр, холобур, биһиги сылдьар эйгэбититтэн атын эйгэ харамайдарын, абааһыларын, айыыларын. Үґүс сүґүөх – көрбүөччүлэр. Киґи көрбөтүн өтө көрөн кэпсиир дьон. Төрдүс сүһүөх – билгэһиттэр, идэлээх дьон. Айылҕа уларыйыыларын, киһи олоҕун, дьон олоҕун инникитин өтө көрөн билэр, кэпсиир дьон. Бэһис сүһүөх – отоһуттар, илбииһиттэр. Кинилэр таҥараттан айдарыылаах норуот эмчиттэрэ буолаллар, эмтээх отторунан, эттиктэринэн эмтииллэр. Илбииһиттэр киһи туга ыалдьарын курдары көрөн, имэрийэн (массажтаан) эмтииллэр. Илбийии күүһүнэн киһи бүөрүн, быарын тааһын бытарытан курдары түһэрэр идэлээх эмчиттэр бааллар. Алтыһынан, ичээн дьон. Кинилэр хас да сылы инники көрөн дьон олоҕо хайдах сайдыахтааҕын этэр кыахтаахтар. Эбэтэр ааспыт олоҕу, ааспыт түбэлтэ хайдах буолбутун бу баар курдук көрөн кэпсииллэр. Сүппүт, ууга түһэн көстүбэтэх киһи ханна баарын чопчу ыйыан сөп. Ичээн кэпсээбитинэн баран булар түбэлтэлэрэ баар буолар. Сэттиһинэн, ойууннар – Үрдүк Айыыттан эттэтиилээх улахан гипнозтаах, аптаах дьон. Хааннааһыны, отунан эмтиир ньыманы дэгиттэр тутталлар, киһи доруобуйатын туругун курдары көрөн билэллэр. Улахан ыарыылар – уоспа, хара ыарыы, ыспааҥка – утары оҕус буолан харсан охсуспут түбэлтэлэрэ норуот номоҕор элбэхтик кэпсэнэр. Үрүҥ ойуун алгыс көмөтүнэн Үрдүкү Айыыларга айаннаан, көрдөһөн, үтүөнү оҥорторуон сөп. Үрүҥ ойуун ыһыахха Дьөһөгөй Айыыттан, Эдьээн Иэйэхситтэн, Ахтар Айыыһыттан уонна араас иччилэртэн дьоҥҥо байылыат, дьоллоох олоҕу түстүүллэригэр, аал уоту оттон алаһа дьиэни иччилииллэригэр, төрөтөр оҕону төлкөлүүллэригэр көрдөһөр.
Ити таһынан куһаҕан кэмэлдьилээх сиэмэх ойууннар бааллар. Кинилэр киһини эмтээтэхтэринэ даҕаны ыарыытын атын киһиэхэ көһөрөллөр эбэтэр өлүүнү-сүтүүнү аҕалаллар. Харалаах, аньыылаах сиэмэх ойууннар алгыстарын Үрдүк Айыылар ылымматтар, төттөрү үтэйэн кэбиһэллэр диэн ыһыахха алҕаппаттар. Ахсыс сүһүөх — удаҕаннар. Кинилэр ойууннардааҕар үрдүк сүһүөххэ тураллар эбит. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо суруллубутунан, үөһэттэн, Үрдүкү Айыылартан, айдарыылаах айыы удаҕана Айыы Умсуур удаҕан Аҕыс Халлаан арчыһыта, тоҕус халлаан дуомньута айыы бухатыырдарыгар куруук ыксаллаах түгэҥҥэ көмөлөһөр, арҕаһыттан тэһииннээх айыы хаан аймаҕын араҥаччылыы сылдьар, көхсүттэн тэһииннээх күн өркөн улууһун көмүскүүр аналлаах.
Тохсуґунан, Үрдүк Айыыларга ордук чугас дьонунан тимир уустара буолаллар. Кинилэр ханнык да ойууҥҥа, удаҕаҥҥа бэриммэт, күүстээх куттаах-сүрдээх дьон. Былыргы үһүйээннэргэ, норуот өлбөт-сүппэт улуу айымньыларыгар, олоҥхолорго кэпсэнэринэн, тимир уустарын төрүттэрэ буоллун диэн Үрүҥ Аар Тойон үһүс уолун Кытай Бахсылааны Үөһээ дойдуттан аллара түһэрэн, Орто дойду икки Аллараа дойду икки ыпсыытыгар муҥурун булларбатах Муус Суорун булгунньахха олохтообуттар. Кини онно олорон, бухатыырдар туттар сэптэрин, кыырыктаах кылаан илбис биилээхтэрин, кэниэрдээх кэтэр кэһэхтэрин, куйахтарын, таҥхалаах таҥнар таҥастарын отут биэс биис ууһугар оҥоро олорор эбит. Кытай Бахсылааны сороҕор Кудай Бахсы, Кытай Махсыын диэн ааттыыллар. Кини айыы да, абааһы да буолбатах. Ыар санаалаах, ыарахан тыыннаах уустары араҥаччылыыр, улуу уустары уһуйар, эттэтэр, үөтүннэрэр, уус идэтин сайыннарар, барҕардар аналлаах (А. Мачахов).
Саха киһитэ урут үһүйээннэргэ иитиллэр этэ. Онно этиллэринэн, ойуун буолуохтаах киһи оҕо эрдэҕиттэн биллэрэ. Этнограф, профессор Н.А. Алексеев «Традиоционные религиозные верования якутов в ХIХ – начале ХХ вв.» үлэтигэр сурулларынан Үөһээҥҥи Айыылар ойуун буолар киһи кутун ылан аналлаах Аар Кудук маска баар уйаҕа иитэллэрэ. Маҥнай ойуун буолар киһини мас анныгар уураллар эбит уонна кута ханнык мутукка иитиллэриттэн көрөн төһө күүстээх буолара быһаарыллара. А.С. Федоров кинигэтигэр улуу удаҕан Алыһардаах уонна Мөлөкө ойуун биир маска иитиллибиттэр. Мөлөкө этэринэн, Аана ол ойууннар иитиллэр мастарын үөһээ мутугар уйаланан, Мөлөкөтөөҕөр күүстээх буолбут; Биллиилээх эмчит Ньыыкан (Үөһээ Бүлүү) Аар Кудук маска Көстөкүүн Чирковтааҕар (Абый) биир мутук аллараа эттэниитин ааспыт диэн суруллубут.
Үрдүк Айыылар сороҕор ойууннары, удаҕаннары «эттээбэккэ» эрэ «иитэн» таһаарар түбэлтэлэрэ баара ахтыллар. Холобур, А. Пахомова «Уһуллубатах удаҕан» үлэтигэр Алыһардаах эттэммэтэҕэ уонна уһуллубатаҕа диэн суруллубут. Бу алҕас көрүү. Алыһардаах эдэригэр улаханнык ыалдьыбыта, дьоно Хаарпа диэн Орто Бүлүү биир улахан ойуунугар уһуйтарбыттара биллэр. Ол эрээри Алыһардаах бэйэтин баҕатынан Айыы удаҕана буолбут.
Г.В. Ксенофонтов ойууннарга аналлаах үлэтигэр суруйарынан, эттэтэр ойуун биир-үс хонукка «өлөн хаалар». Улуу ойуун буолуох буоллаҕына, үс төгүл эттэниини ааһыахтаах. Г.В. Федоров эттэтиини маннык быһаарар: «Орто ойуун эбэтэр удаҕан буолааччылар икки сыл иирэн ыалдьаллар. Ол аата икки сыл эттэтии диэн. Этин икки тоҕус үтэһэҕэ үөлэн, уон аҕыс өлүү төрдүгэр айах туттараллар. Биир үтэһэ тоҕус кырбас буолар. Саамай улахан ойуун буолааччылар үс сыл иирэн ыалдьаллар. Ити иирии «эттэтии» диэн ааттанар. Этин үс тоҕус үтэһэҕэ үөлэн сүүрбэ сэттэ өлүү төрдүгэр айах туттарыллар. Эттэтиилээх ойуун кини этиттэн айах туппут өлүүлэргэ кыырар. «Өлүү» диэн ойуун этиттэн айах туппут, ол аата сиэбит абааһылар ааттаналлар. Сиэрэ-туома туолуор диэри олох маска олорон кыырыахтаах. Бары тэрилэ, ирдэбилэ ситтэҕинэ эрэ муостаҕа олорон кыырара көҥүллэнэр. Ону толорботоҕуна, араас быһылааҥҥа түбэһиэн сөп (Г.Е. Федоров).
Ойуун буолар киһи улаханнык ыалдьар, эрэйи көрөр, уҥар, өйүн сүтэрэр, иириэн да сөп. Бүлүү улууһун 2-с Күүлэтин ойууна Оноху оҕо эрдэҕиттэн иирэн ыалдьар эбит. Ити ыарыыта үгүстүк хатыланар эбит. Төһө уһуннук, хаста ыалдьарын (эттэтэрин) Үрдүкү Айыылар быһаараллар. Сорохтор иккилиитэ-үстүүтэ ыалдьаллар. Чурапчы ойууна Николай Протасов элбэхтик ыалдьан моһуоктуур эбит. Ол да иһин буолуо, дьонун эрэйдээбэт сыалтан ойууннууруттан аккаастаммыт. В.А. Кондаков этэринэн, Аар Айыылар биэрбит соруктарын ситэ толорбокко бэйэтигэр тиийиммит.
Үһүйээҥҥэ этиллэринэн, ойуун буоларга анаммыт киһини бэйэлэрин удьуор аймахтарыттан абааһы буолбут дьон этин-сиинин араартаан, чаастаан-өлүүлээн баран, атын өйү-санааны киллэрэн, хаттаан самаан, атын өйдөөх-санаалаах киһини оҥорон таһаараллар эбит. Ардыгар самыыр абааһылар эттэнэр киһи сорох чааһын умнан олордубаттар эбит, оччоҕо итэҕэс киһи буолар. Холобур, А. Андреев-Мөлөкө ойуун үтүөрэн тахсарыгар хараҕа суох буолбута диэн үһүйээҥҥэ кэпсэнэр. Ол аата этин-сиинин хомуйан киһи оҥорон сиргэ түһэрэллэригэр хараҕын олорпотохтор диэн өйдүөххэ сөп. Эттэнэр киһи үс күн эттэнэр, хаттаан саманар. Ол кэмҥэ тамаҕын сиигирдэр киһи баар буолуохтаах эбит. Эттэниини тулуйбакка, өлөр түбэлтэлэрэ эмиэ баар. Оттон үтүөрбүт киһини кырдьаҕас ойуун төһө күүстээҕин билээри чинчийэр, тургутан көрөр. Ойууҥҥа дүҥүрүн, таҥаһын туттарар. Ойууннааһын үөрэҕин чинчийбиттэр «ойуун буолуу бу – искусство» дииллэрин кытта сөбүлэһиэххэ сөп. Ойуун сир-дойду иччилэригэр киириитэ, бастакы олоххо кыырар айана, хас олох аайы хайдах хамсанара тус-туспа. Билиҥҥи өйдөбүлүнэн, кырдьаҕас ойуун режиссер оруолун толорор.
Сэбиэскэй былаас саҕана, ойууннааһыны билиммэт, төрдүттэн эһэр кэмнэригэр, ойуун буолаары өлөр-тиллэр ыарыыга сытар киһини эмтээбитэ буолан иирэр бараахха сытыараллара. Билигин Саха сиригэр киэҥник биллэн эрэр Федот Петрович Иванов (Бүлүү, Дьөккөн) бэйэтэ кэпсииринэн, оҕо сырыттаҕына, чаллах тииккэ олорбут суор киһилии саҥарбытыттан куттанан улаханнык быарынан ыалдьыбыт эбит, онтон үтүөрэн отоһут буолбут.
Саха ойууннара аптара-хомуһуннара күүстээҕин илэ хараҕынан көрбүт, I Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кыттыылааҕа, декабрист Матвей Иванович Муравьев-Апостол саха ойууна кыырбытын туһунан ахтыбыта баар. 1829 с. кулун тутарыгар Норвегия флотун лейтенана Дуэ диэн киһини кытта билсибит. Сыылкаҕа олорор киһи ыалдьытын кытта кэпсэтэн билбитэ Норвегия правительствота магнитнай полюстары үөрэтэргэ тэрийбит экспедициятын чилиэнэ эбит. Муравьев-Апостол бу кытыы дойдуга үөрэхтээх киһини көрсүбүтүттэн олус үөрбүт, үс күнү быһа кэпсэтэн элбэҕи билбит, истибит. Киһитэ саха ойууна кыырарын көрүөн баҕарарын эппит. Матвей Иванович бэйэтэ эмиэ ойуун кыырарын көрө илик буолан сөбүлэспит. Таҥара дьиэтин үлэһиттэрэ ойуун куоракка киирэрин, кыырарын кытаанахтык боболлор эбит. Кинилэр үөрүүлэригэр Бүлүү уокуругун комиссара Михайлов сөбүлэспит уонна бэйэтинэн тэрийсибит. Муравьев-Апостол дьиэтэ таҥара дьиэтин аттыгар турар буолан, ойууннааһын олох сатаммат диэбиттэрин, хата Михайлов аҕабыыттан көҥүлүн ылбыт.
Болдьоммут кэмҥэ элбэх арыалдьыттаах ойуун кэлбит. Элбэх куорат олохтоохторо мустубуттар. Мантан аллара Муравьев-Апостол ахтыытын биэрэбит: «Ойуун атаҕын кумуйан ууран муостаҕа олордо уонна таҥныбытынан барда. Имиллибит тирииттэн тигиллибит таҥаһыгар араас тимир кыаһааннар ыйаммыттара, хас хамсаннаҕын аайы тыаһы таһаараллар, араастаан кылыгырыыллар. Ойуун таҥаһа олус кыараҕаһын, нэһииччэ батар гына оҥоһуллубутун бэлиэтии көрбүтүм, этин ыбылы ылбыт этэ. Таҥас анныгар кини тугу да кистээн угар кыаҕа суоҕа. Ойууммут уһун баттаҕын ыһан кэбистэ уонна кыыран дьигиһийэн киирэн барда. Былаайаҕынан дүҥүрүн охсо-охсо, биир-биир салгынын, уутун, тыатын иччилэрин ыҥыран барда (Жирков диэн хаһаах ойуун тугу саҥарбытын тута тылбаастаан иһэр). Онтон ойуун араастаан ынчыктаан, онолуйан, үҥсэргээн киирэн барда: «Адьырҕа кыыл испэр киирэн сэймэктээн эрэр», – диэн уйа-хайа суох бараары гынна. Улам дүҥүрүн охсорун тэтимэ күүһүрэн түргэтээн барда, төттөрү-таары сүүрэкэлээтэ, ойуоккалаата. Ол аайы баттаҕа өрө бурҕаҥнаан, төбөтө биир кэм кулахачыҥнаан олорор буолла, олох буорайар аакка киирдэ. Эмискэ ходьох гынна, улахан ыарыыга ылларбыт киһи курдук уһуутуу-уһуутуу балаҕаны биир гына кэрийдэ. Бу сырыттаҕына, арай айаҕын иһиттэн сүрдээх улахан, хара түүлээх эһэ баппаҕайа тахсан кэллэ уонна, тугу эрэ харбаан ылан илдьи тутуох айылаах уунаҥнаат, сүтэн хаалла. Бу кэтит баппаҕай айах иһиттэн ыгыллан тахсарыгар ойуун айаҕа, киһи көрөн дьулайыах хайа барыахтыы тыырыллыбыта. Бу көстүүну хайдах да кыайан быһаарбатахпыт».
В.Л. Серошевскай «Якуты» кинигэтигэр эмиэ итинник дьоҕурдаах Түспүт диэн Нам улууһугар олорор ойуун туһунан суруйар. Кини иннигэр-кэннигэр сүүрэр кыыла хоту кистэнэ сылдьарын, дьоҥҥо айаҕыттан кыылы, харчыны, атын малы таһаарарын көрбүтүн ахтар. Атын ойууну кытта охсустаҕына оҕус буолан харсар эбит.
Нуучча айанньыттара И.Г. Гмелин уонна Г.Ф. Миллер Дьокуускай куорат таһыгар олорор 20 саастаах удаҕан кыырыытыгар сылдьыбыттар. Эдэр да буоллар дүҥүрүнэн сүрдээх оттомноохтук туттара, куолаһа чуора, улахана, сороҕор эһэлии часкыйара, хахайдыы ырдьыгыныыра дьону салыннарбыт. Эдэр буолан сиртэн-буортан тэйэн үҥкүүлүүрүн сөҕө көрбүттэр. Дуҥүрүн көмөтүнэн үөһээҥҥи, алларааҥҥы күүстэри кытта ааттарын тус-туспа ааттаан көрсөн кэпсэтэрин истээччилэригэр тиэрдэр эбит. Удаҕан кыыра олорон быһаҕынан анньыммыт, таһаарбыта хааннаах уонна кыра кырбас сыалаах эбит. Ону ыһаарылатан баран бэйэтэ сиэбит. Көрөн олорооччулар улаханнык сөхпүттэр. Удаҕан олох туох да буолбатаҕын курдук туттан олорбут. Миллер кыыһы дьиэтигэр илдьэн аһаппыт, бааһын тиит сымалатынан сотон баран, таҥаһынан, туоһунан корсеттыы эрийбит. Миллергэ эдэр удаҕан урут этин быһаҕынан анньымматаҕын, бу сырыыга дьону итэҕэтээри оҥорбутун, киниэхэ киһи бэйэтин этин сиэтэҕинэ бааһа түргэнник оһорун, үчүгэйдик бааннахха куттала суоҕун кимтэн эрэ истибитин кэпсээбит. Ити барыта албынын сурукка киллэрбит, ону куорат салалтатын суруксута туоһулаабыт. Бааһа алта хонугунан оспут. Сахалар кыыс быһаҕынан анньыммытын итэҕэйбиттэр. Ол иһин Гмелин, Миллер кини албынын кимиэхэ да арыйбатахтар (Reise, II, p.493–497).
Саха төрүт итэҕэлин чинчийбит Тэрис этэринэн, «көрбүөччү – уруккуну, билиҥҥини, кэлэри ытык этэ арыллан өтө көрөр буолбут киһи». Сорох ойууннар көмүллүбүт сирдэриттэн мас үүнэн тахсар. Јлөн да баран күүстэрэ үс-түөрт үйэҕэ тиийэ дьайа сытар, кинилэри ытыктаабат дьон моґоллору көрсүґүннэриэхтэрин сөп. Улахан уот турдаҕына ойууннар көмүллэ сытар сирдэрин арыылаан таарыйбатын эмиэ истэбит.
Үһүйээҥҥэ этиллэринэн, ойууннар бэйэ-бэйэлэрин кытта, хаһан да көрсөн кэпсэппэтэхтэрин да үрдүнэн билсиһэллэр эбит. Холобур, Горнай улууһун Солоҕонугар олорбут Настаа-Хотун удаҕан, бэйэтин кэмигэр олорбут Чэриктэй Биэрэтин, Таатта Куома Чааскынын, Үөһээ Бүлүү Ньыыканын билэттиир уолум, кыыһым диэн убаастаан ааттыыр эбит..
Сахаларга «икки ойуун биир алааска олорботтор» диэн кынаттаах этии баар. Ойууннар охсуспуттарын туһунан үһүйээн элбэх. Икки өстөспүт ойуун холорук буолан ытыйсаллар, оҕус буолан харсаллар. Сорохтор кыайтарар түбэлтэлэригэр көтөр, балык буолан куоталлара кэпсэнэр.
А.А. Павлов