Читать книгу Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник - Страница 13
Уһулуччулаах ойууннар, эмчиттэр
Алыһардаах Аана
Оҕо тартарыыта
ОглавлениеБылыр илин Мукучуга бырааттыы Мэккэ Дьөгүөр, Арыы Аппанаас диэн дьон олорбуттар. Кинилэр сайынын Чэмэгээйи, кыһынын Сэлэ Таппыт, Малдьаҕар диэн өрүс арыыларыгар оттообут отторун сиэн кыстыыллар эбит. Иккиэн кэргэннээхтэр, ол эрээри хас да сыл олорон баран оҕоломмотохтор. Ол иһин бырааттыылар: «Алыһардаахха оҕо кутун тартарыахха, оҕото суох буолаары гынныбыт, аны кэлэн ойохторбут төрөөбөттөрүгэр тиийдилэр», – диэн сүбэлэһэллэр. Иккиэн сэниэ ыал эбиттэр. Биир киһини аттаан-атыырдаан Алыһардаахха ыыталлар. Кинилэр ыҥырыыларыгар Аана сөбүлэһэн кэлэр. Бу саҕана Аана эдэр, күүһүн-уоҕун, абын-хомуһунун саҥа билинэн эрэр кэмэ. Киэһэ ыалдьыттарыгар ас эгэлгэтин тардаллар, арыгы туруоран маанылыыллар. Аһаан-сиэн баран оҕолоро суоҕун, ойохторо төрүүр-ууһуур саастара ааһаары гыммытын, онон оҕо кутун тардарыгар көрдөһөллөр. Онуоха Аана: «Ээ, бу да кэллэрбин, хонугум кылгас, ыксыыбын, ол да буоллар кыыран көрүөм», – диэбит.
Таҥаһын-сабын (дүҥүрүн) киллэрэн ириэрэллэр, түннүгү-үөлэһи бүөлүүллэр. Аана олоҕор олорон кыырар, ол кэнниттэн тугу көрүүлэммитин кэпсиир: «Мин да көрүүтэ суох Бараскыабыйаҕа (Мэккэ Дьөгүөр ойоҕун аата) эһиил биир уол оҕо төрүүһү, ол уол хаҥас эмиийин анныгар күөх мэҥнээх буолуо. Ол оҕо төрөөтөҕүнэ, ити билигин иккилээх, үрүҥ өрөҕөлөөх, үрүҥ атахтардаах, туоһахталаах сүүстээх хара кунан баар эбит, ону өлөрөн оҕоҕутун малааһыннаарыҥ. Оттон бу, Арыы Аппанаас ойоҕо, аны икки сылынан бадахтаах, биир кыыс оҕону төрөтүө, онтон ордук оҕолонуо суоҕа. Бу кыыс бэрт ыарыһах, иринньэх оҕо буолуо», – диэбит.
Дьэ ити курдук кыыран, туох буолуохтааҕын кэпсээн баран сарсыныгар дьиэлиир. Сулуу, манньа туһунан билбэтим. Өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, ол сайын били малааһыҥҥа туттуллуохтаах кунаны атыыр оҕус кэйэн өлөрөн кэбиһэр. Аана эппитин курдук, эһиилигэр Мэккэ Дьөгүөрдээххэ биир уол оҕо төрүүр. Хаҥас эмиийин анныгар күөх мэҥнээҕэ үһү. Оҕо биир сааһын туолуутун саҕана, биир түүн соһуйан уһуктар, чачайа-чачайа ытаан муҥнанар, ол кэнниттэн өр буолбакка өлөн хаалар.
Дьөгүөр ыксаан быраатын Алыһардаахха ыытар. Аппанаас тиийбитигэр Алыһардаах: «Оо дьэ, эрэйдээхтэргэ хара тыаттан көрдөһөн ылбыт оҕом этэ, ону кыайан туппатахтар, ити Дьөгүөр бэйэтэ да муокас идэлээх эбит. Ити икки улуу булду бултаан баран малааһыннаабата», – диэбит. Кырдьык, ойоҕо оһоҕостоох сырыттаҕына биир бэлиэ саһылы өлөрбүт, ол саһыл түөһүгэр бэчээти уурбут курдук үрүҥнээх, баһырҕастаах атахтаах, чахчы бэлиэ көстүүлээх саһыл эбит. Дьөгүөр бултуйдаҕына уокка ас куппат, байанайдаабат идэлээҕэ үһү. Ол дьонтон кэлин биир да оҕо төрөөбөтөх.
Аана салгыы Аппанааска этэр: «Оттон эйиэхэ эһиил биир кыыс оҕо төрүөҕэ. Билигин эйигин кытта барсан, кинилэргэ оҕо аҕалар кыаҕым суох», – диэн кыккыраччы аккаастаан кэбиһэр. Эһиилигэр Аппанаастаахха биир кыыс оҕо төрүүр. Ол оҕо төһө да ыарыһаҕын-иринньэҕин иһин өлбөтөх. Улаатан ыал ийэтэ буолта үһү (С.В. Сметанин).