Читать книгу Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник - Страница 8

Уһулуччулаах ойууннар, эмчиттэр
Ааттаммат ойуун

Оглавление

Нуучча ыраахтааҕытын ыҥырыытынан саха ойууннара соҕуруу Петербург куоракка бара сыспыттарын туһунан балачча элбэхтик сурулунна. Бу боппуруос тус бэйэбэр чугаһын быһыытынан мин эмиэ суруйан турабын. Онтубун өссө чуолкайдаан ситэрэргэ-хоторорго сананным. Бүгүҥҥү суруйуубар сүнньүнэн Ааттаммат Ойуун туһунан кэпсиэҕим. Оччотооҕу архыып докумуоннарыгар бу ытык кырдьаҕас аата сурулла сылдьар, онон кини аатын суруктан булабыт. Ол гынан баран, Лүүчүн дьоно, ити сахалыы аатын ааттыы сатаамаҥ. Ааттаммат аата Ааттаммат буоллаҕа дии! Кини оччотооҕу суруктарга барытыгар Дакин диэн араспаанньанан киирбит. Ол аата араспаанньата Дакин диэн Туоҕа Боотур аатынан барбыт. Туоҕа Боотуру оччотооҕу докумуоннарга «Дака», «Даку» диэн суруйа сылдьаллар. Оттон Дака, Даку диэн ааттан Дакин диэн араспаанньа үөскүүрэ чуолкай. Ааттаммат Ойуун Туоҕа Боотур кыыһын, аатырбыт Нэлчэкэ (Ньэлчэкэ) Удаҕан, улахан уола буолар. Сааһынан таһааран урут маҥнай Нэлчэкэни Туоҕа сиэнэ буолуо дии саныырым. Ол гынан баран былыргы сэһэннэринэн маннык. Мин хос эһэм Николай Константинович Кондаков Лүүчүҥҥэ Парасковья Саввинованы кэргэн кэпсэтэ тиийбит. Онно Лүүчүн кырдьаҕастара эппиттэр: «Эһиги төрүттэргит Туоҕа Боотур (Парасковья Саввинова өбүгэтэ) уонна Кырамай (Николай Константинович Кондаков өбүгэтэ) бииргэ төрөөбүт дьон этилэр. Онон билигин уруулуугутун хас киһи үйэтэ ааспытынан ааҕан көрүөхпүт. Онтон холбоһоргут-холбоспоккут туһунан түмүк оҥоруохпут». Ытык кырдьаҕастар ааҕан-суоттаан баран: «Эһиги уруулуугут Туоҕа Боотур өттүттэн алта киһи үйэтэ ааһан, сэттис көлүөнэтэ саҕаламмыт. Оттон Кырамай өттүттэн биэс киһи үйэтэ араҕан, алтыһа саҕаламмыт. Онон эһиги холбоһоргут сөп буолбут эбит», – диэбиттэр. Онно Туоҕа Боотур өттүттэн аахтахха, маннык тахсар: Туоҕа Боотур – Нэлчэкэ – Күһэҥэй – Бытыгый – Чускуона – Анисия – Парасковья. Чуолкай баҕайытык Туоҕа Боотуртан Парасковья сэттис киһи буолар. Оттон кини ийэтэ Анисияҕа диэри алта киһи үйэтэ тахсар. Онон былыргы ытык кырдьаҕастар ити быһаарыылара Нэлчэкэ Туоҕа Боотур сиэнэ буолбакка, кыыһа буоларын быһааран кэбиһэр. Ааҕан таһаардахха, Туоҕа Боотур быһа холоон, 1600–1607 сс. эргин төрөөбүт. Оттон Нэлчэкэни хаһаак Михаил Жирков 1684 с. Сөлбүк Курчаакап диэн киһиттэн уон сүөһүгэ атыылаһан, кэргэн ылбыт. Ити саҕана Нэлчэкэ 25–26 саастаах дьахтар эбит буоллаҕына, кини 1658–1659 с. төрөөбүт курдук буолан тахсар. Оччоҕо Туоҕа Боотур, 52–58 саастаах киһи, эдэр кэргэниттэн Нэлчэкэни төрөтүөн сөп буоллаҕа дии. Оннооҕор Анна Иванова-Алыһардаах Аана төрүттэрэ Бөкчөнөөн Кулахыев 74, кини кэргэнэ Тиэлиги 61 саастарыгар бүтэһик оҕолорун оҕоломмуттара докумуоҥҥа баар.

Дьэ бу нуучча хаһаага Михаил Жирков уонна Нэлчэкэ уонча оҕоломмуттар. Олортон саамай улаханнара Жолодой Дакин диэн аатынан сурукка киирэр, сахалыыта Ааттаммат Ойуун дэнэр сүдү киһи буолар. Кини 1684 с. М. Жирков Нэлчэкэни Сөлбүктэн атыылаһан ыллаҕын сыл төрөөбүт. Оҕонньор биир бииргэ төрөөбүт быраата Клевинской Дакин диэн ааттаах. Сурукка киирбитинэн, Ааттаммат уола Николай Жирков нэһилиэгэр кинээстээбит. 1776 с. ходуһа биэдэмэһигэр Н. Жирков элбэх оттонор ходуһаны бас билэр, элбэх сүөһүлээх, Лүүчүн нэһилиэгин кинээһин быһыытынан киирбит. Н. Жирков икки кэргэннээх этэ. Бастакыта – Кысаик Куртагина Тоҕус, Куртаги Селин кыыһа, иккиһэ – Бядярдях Ыгырина, Ыгыри Тябийин кыыһа (Нам Үөдэйэ).

Дьэ мантан көстөрүнэн, бу Туоҕа Боотуртан төрүттээх Ытык Хаҥалас дьоно былыргы төрүттэригэр, хаҥаластарга, Софрон Сыранов нэһилиэгин дьонугар кыргыттарын кэргэн биэрэн, салгыы уруурҕаһа турарга кыһаналлар эбит. Хааннарын күүһүрдэн Нам Үөдэйиттэн Н. Жирков-Жолодоев Ыгыры Тэбийин кыыһын Бэдэрдээҕи кэргэн ылбыт.

Саамай интэриэһинэйэ Ааттаммат уола Атлас Жолодоев иккис кэргэнэ Саатыыр диэн дьахтар Эмэй Сыранов кыыһа эбит. Оттон Эмэй Сыранов Софрон Сыранов бииргэ төрөөбүт убайа этэ. Бу дьон иккиэн Дыгын сиэнэ Маһары хос сиэннэрэ буолаллар. Өссө биир интэриэһинэй кэргэннэнии: Ааттаммат бииргэ төрөөбүт быраата Клевинской Дакин Дыгын сиэнэ, Маһары иккис уолун Мохсой кыыһын Мысаҕайы кэргэн ылбыт эбит.

1854 с. Р. Маак Түөк күөлгэ турар Нэлчэкэ араҥаһын үрэйэн, удаҕан төбөтүн уҥуоҕун Санкт-Петербург куоракка илдьибитэ. Ити араҥаһы үрэйии улахан научнай суолталаах буолуо дии санаабаппын. Маны баламаттааһын уонна инники чинчийиилэргэ улахан мэһэйи оҥоруу быһыытынан сыаналыыбын. Онон Р. Маак Саха сиригэр иккистээн кыайан кэлбэтэҕэ өйдөнөр эбит.

Ааттаммат 1684–1774 сс. олорбут, 90 сааһыгар өлбүт. Кэргэнэ Муксугур Чыкеина диэн Тоҕус нэһилиэгин дьахтара этэ. Кини 1692–1783 сс. олорбута, 91 сааһыгар өлбүтэ. Онон улуу кырдьаҕас төрдүн-ууһун, кини кимин барытын ырыттыбыт. Дьэ билигин Ааттаммат уонна атын да саха ойууннара соҕуруу ыраахтааҕыга ыҥырылла сылдьыбыттара дуо диэн боппуруоһу ырытан, чуолкайдаан көрүөҕүҥ. Ханнык ыраахтааҕы саҕана ыҥырылла сылдьыбыттарай, ол хайдах тэриллибитэй? Бу ыҥырыыны куруутун Петр I ыраахтааҕыны кытта сибээстии сатыыллара элбэх этэ буолан баран, чопчу ыҥырыы докумуон көстө илик. Г.Е. Федоровка ыытыллыбыт архыып докумуонугар Петр I ыйааҕын Өлүөхүмэ комиссара Н. Шангин бойобуода И.И. Полуэктовка ахсынньы 21 күнүгэр 1730 с. тириэрдибит курдук этии, суруйуу баар курдук эрээри, ол ыйаах хайдах биэс сыл айаннаан, Өлүөхүмэнэн эргийэн бойобуодаҕа тиийиэҕэй? 1725 с. Петр I ыалдьа сытан саха ойууннарын ыҥыртарыан сөп. Ол гынан баран ол дьаһал түргэнник кэлиэн сөп этэ. Император улаханнык ыалдьа сытан, тигиилээх сирэйдээх дьону ыҥыртарыан табыллыбат. В.Д. Стрелов «Акты архивов Якутской области (с 1650 г. до 1800 г.)» диэн үлэтигэр тигиилээх сирэйдээх дьону уонна ойууннары Петербурга ыҥырбыттарын туһунан бастакы докумуону 1730 с. бэс ыйын 25 күнүгэр ыйан суруйар. Ыйаахха «Ея императорского величества» диэн суруллар. Ол аата былааска дьахтар, Петр I сиэн балта Анна Иоанновна, олорор кэмэ этэ. Бу бириэмэҕэ Петр II, 15 саастаах уол, өлбүт. Дьэ итэҕэйэр туһугар докумуону ааҕан көрүҥ. Оттон Г.Е. Федоровка кэлбит докумуон быһыытынан сыл аҥаара хойутаан, 1730 с. ахсынньы 21 күнүттэн тигиилээх сирэйдээхтэри уонна ойууннары көрдөөһүн саҕаламмытын курдук өйдөнөр уонна алҕас Петр I аатын кытта сибээстэнэр. Онон В.Д. Стрелов кинигэтигэр баар докумуону ааҕыҥ:

«№ 31. 1730 г. iюня 25. По прошенiю шаманов и шитыхъ рожъ о скорейшей высылке ихъ съ дворянином Кычкинымъ въ Петербургъ или же о выдаче им хлебного жалованiя.

А) Ея императорского величества в Якутскую Воеводскую канцелярию доношение.

По указу блаженные и вечно достойные памяти его императорского величества, выбраны мы нижеименованные в Якутску в посылку для объявления и смотру в Санкт-Петербург за дворянином Дмитрием Кычкиным. Того ради просим означенную канцелярию, дабы повелено было ея императорского величества указом, ежели мы в означенную посылку годны, то выслать нас ныне немедленно в Санкт-Петербург, дабы нам за долговременным житием в Якутске не помереть голодною смертью, а чтоб до высылки выдать нам кормовое жалованье. О семь доносят Сыланской волости якут Кытанах шаман Куреканов. Средневилюйского зимовья, Лючинской волости Жолода Дакин да тонгусы того же Средневилюйского зимовья, Кельтякуцкого роду Нямтига Авранчин, Мияул Луксигин, Катылынской волости Топича Маянин, Кельтякуцкого роду Битимка … за женами июня в 8 день, сего 1730 году. У сего доношения речи толмачил толмач … доношение писал к поданию … вельнием вышеописан … площадной пищик Борис Феоктистов. У сего доношение знамена якутов Кытанаха да Жолодеово да тынгусов Нямтягино Меулово, Топичино. Витимкино (написаны луки со стрелами и шаманские бубны) подписал их велением и речи переводил толмач Иван Львов.

Б) И против вышеописанный пометы выписано. В вышеписанном доношении Сыланской волости якута Кытанаха шамана да тунгусов Жолодия Дакина с товарищи, всего шти человек, написано: (следует точный текст вышеприведенного прошения) … императорского величества указ … написано, велено сибиреку, якутскому жителю Дмитрею Кычкину из сибирских городов, а именно: Илимского, Якутского уездов или где можно обыскать лутчих для взятья ко двору его императорского величества из тунгунского, из Якутского уезду шаманов лутчих, которые пользуют от болезней. А как он Кычкин оных людей приищеть, им о тех местах, где приисканы будут, на проезд до Санкт Петербурга кормовые деньги, а также ему Кычкину и приискным иноземцом, что надлежит по рассмотрению, да ямские подводы и на них пригодные и кормовые деньги давать. А по справке с росходною книгою сего 730 году, показаньем тунгусам кормового жалованья января за 28 да мая по 5 число по 2 копейки на день выдано с росписками, в том числе Кытанаху шаману по 19 число мая же месяца. Подканцелярист Григорий Калашников».

Бу докумуону толорон Санкт-Петербурга дворянин Дмитрий Кычкин салалтатынан Сылан ойууна Кэрэкээн уола Кытаанах, Орто Бүлүү Лүүчүнүн ойууна Жолодой Дакин, Кэлтээки аҕатын ууһун дьоно Нямтуга Авранчин, Мияул Луксигин, Витимка, Хатылы нэһилиэгин киһитэ Топича Маянин барыахтаахтар эбит.

Онон Бүлүү сириттэн ойууннары уонна тигиилээх сирэйдээхтэри көрдөөһүн салгыы ыытыллыбыт. Онно Үгүлээт аҕатын ууһуттан Тулкига Урулин, Топича Маянин, Ардах Куреяков диэн тоҥустар булуллубуттар. Манна урут Топича Маянины Хатылы нэһилиэгин киһитэ дэммитэ аны Үгүлээт киһитэ буолан таҕыста. Ону бу докумуонтан көрүҥ: «Далее комиссар Иван Шангин сообщает, что для сыску шаманов и «шитых рож» отправлены служивые люди. (Написал 21 декабря 1730 году). Комиссар Верховилюйского зимовья Петр Кутуков 7 января 1730 года пишет Полуэктову: «… от тунгусов Фугляцкого роду посланы три человека, а именно: Тулкига Урумин да Типича Маянин да Ардах Куреяков с семьями…. а шаманов от тунгусов или от якутов того в указе его императорского величества ясно не показано, и, оные назначенные тунгусы посланы из Верховилюйского зимовья с вышеописанным нарочным посыльщиком Семеном Аммосовым да при нем в провожатые служилые люди Алексей Кобелев, Петр Дехтерев, и велено им оных тунгусов три человека шитых рож с семьями объявить в Якутскую воеводскую канцелярию стольнику и воеводе Ивану Ивановичу…» (ЦГА Я-С ССР. Ф.1-и. Оп.1. Д. 4. Л.1–2).

Орто Бүлүү кыстыгын (зимовье) комиссара Дмитрий Канаев 1730 с. тохсунньу 24 күнүгэр тигиилээх сирэйдээхтэри: Намтугуну, Маянуну, Витимка Куявыловы ойохтору, икки ойууну Жолодой Дакины, Тоҕус нэһилиэгин ойуунун, Чикем Дябикины ойохтору Дьокуускайга ыыталаабытын туһунан суруллар: «Комиссар Средневилюйского зимовья Дмитрий Канаев 14 января 1730 года пишет Полуэктову: «…к высылке в означенную канцелярию шитых рож – трех человек с женами, а именно: Кельтякульского роду Намтугу с женою, Мисяула с женою, Витимку Куявылова, а шаманов двух человек: Лучинской волости Желодая Дакина с женой, Тогуйской волости Чикема Дебякина с женою…» (ЦГА Я-С ССР. Ф.1-и. Оп.1. Д.4. Л.4–5).

Якутская воеводская канцелярия сообщает дворянину Дмитрию Кычкину, что комиссар Средневилюйского зимовья Дмитрий Канаев «…выслал трех тунгусов шитых рож: «Кельтякульского роду Намтугу, Мисяула да Витимку Куявылова с семьями да трех человек шаманов Лучинской волости Желодая Дакина с женой, Тогуйской волости Чикема Дебякина с женою…» (ЦГА Я-С ССР. Ф.1-и. Оп.1. Д.4. Л.5).

Өр саамылаһан, талан бараннар Санкт-Петербурга илдьэргэ Үгүлээт тоҥуһун Топича Маянины, Мукес Маржин, Кытаанах Налин диэн ойууннары, Намтага Мисяул, Витимка Куявылов диэн тоҥустары, Жолодай Дакины ойохтору илдьэргэ быһаарбыттар, атыттары барыларын дьиэлэригэр ыыталаабыттар. «Дмитрий Кычкин, получив вышенаписанную отписку, сообщает в Якутскую воеводскую канцелярию: «Сего 1730 году, января 22 и 28 числа ведением ко мне от помянутой канцелярии объявлены присланы высланные в Якутск из Верховилюйского и из Средневилюйского зимовий от комиссаров для взятия по выбору в Санкт-Петербург указанного числа семи тунгусов шитых рож и шаманов, а именно: из Верховилюйского Фугляцкого роду тунгусов Тункига Урумин, Типича Маянин да Ардах Куреяков с женами, а другого роду тунгусы с промыслов с ясаков не бывали; притом же присланы Мукес Маржин и Кытанах Налин и Средневилюйска Кельтякульского роду Намтуга, Мисяула, Витимку Куявылова с женами да шаманов Лучинской волости Желодая Дакина, Тогусской волости Чикема Дебякина, из которых требую содержать под введением канцелярским до привозу из других острогов и зимовий тунгусов и шаманов и до отбытия моего от Якутска как его императорского величества указы повелевают, а именно: Верховилюйских Типичу Маянина, с женою шаманов Мукеся Маржина и Налина, Средневилюйских, которые показаны выше сего, трех человек тунгусов с женами да шамана Желодая Дакина, а других из Верховилюйских тунгусов Тулкигу Урумина, Ардаха Куреякова и шамана Чикема Дебякина из Якутска отпустить в их жилища, понеже они ко взятию не годны; а прочие тунгусы и шаманы, о которых показано выше сего, ежели лучше к их отъезду моему судовым путем водою сего 1730 году из других острогов и зимовий нерадением подчиненных комиссаров высылкой и привезено в Якутск не будет, то по нужде могут быть и они ко взятию угодны и приняты будут с росписью…» (ЦГА Я-С ССР. Ф.1-и. Оп.1. Д.4. Л.7).

Якутская воеводская канцелярия, получив от Кычкина распоряжение 4 февраля 1730 года поручает сотнику казачьему Алексею Аргунову содержать иноземцев «… по его императорского величества указу по определению в означенный канцелярии велено упомянутых иноземцев содержать до высылки. Того ради по поручению сего его императорского величества указу тебе, Аргунову для содержания упомянутых иноземцев определить достойных людей без всякого отлагательства под опасением за неисполнением…» (ЦГА Я-С ССР. Ф.1-и. Оп.1. Д.4. Л.8–9).

Алексей Аргунов 6 февраля 1730 года в якутскую воеводскую канцелярию пишет доношение: «…мне велено от полкового ведомства определить служивых достойных для содержания под арестом Фугляцкого роду тунгусов Типича Маянина с женою да шаманов Мисяула Мажина, Кытанаха Налина, Кельтякульского роду тунгусов Намтуга, Мисяула, Витимку Куявыхаева с женами да Лучинской волости шамана Желодая Дакина. И оному его императорского величества указу определил я от полкового ведомства для содержания под арестом означенных тунгусов и шаманов служилых достойных 8 человек, а которые именно, тому при чем доношение реестр…» (ЦГА Я-С ССР. Ф. 1-и. Оп. 1. Д. 4. Л.10).

Лүүчүн Ааттаммат Ойууна чахчы талааннаах буолан, элбэх киһиттэн талылыннаҕа. Тас көрүҥэ бааhынайдыы, ол аата нууччалыы көстүүлээх киhи буолуохтаах. Ааттаммат Ойуун былыргы Лүүчүттэр саллар, дьулайар киhилэрэ этэ. Кини утумнара Лүүчүн нэhилиэгэр баhылыы-көһүлүү сылдьыбыттара. Бииргэ төрөөбүттэриттэн олус бөдөҥ уҥуохтаах Дары Дакин-Степан Жирков, сахалыы аата Бэрэттимэй, эмиэ ойуун этэ. Кинини биир эрэ ат уйара. Биирдэ ол атынан айаннаан истэҕинэ, ата бадарааҥҥа батыллан, атаҕын тосту түhэн өлөн хаалбыт. Бэрэттимэй өлбүт атыттан түспэккэ эрэ биир күн устата ыллаан куугуната олорбута үhү диэн сэhэҥҥэ хаалбыт. Сайын ыалга кэлэн дьиэ кэннигэр атын мииммитинэн олордоҕуна, дьиэ иннигэр ынах ыы олорор дьахтар үрүҥ көмүс курун күнүн (төгүрүк тиhилигин) көрөрө үhү диэн эмиэ сэhэҥҥэ хаалбыт. Балтыта эмиэ аатырбыт удаҕан дьахтар олус бөдөҥ буолан эргэ барбатаҕа үhү.

Ааттаммат уhун үйэлэнэн 90 сааhыгар, эмээхсинэ Мурсугур 91 сааhыгар өлбүттэрэ. Ханна араҥастаммыттарын ким да эппэтэх, кэлин билэр дьон суох эбит. Кини утум ыччаттара үгүс этилэр. Элбэх кинээстээбит, чаччыыналаабыт сиэннэрдээх. Кэнники утумнартан биллибиттэрэ Саввиновтар буолаллар. Кирилл Николаевич Яковлев диэн киhи холкуос бэрэссэдээтэлэ, сопхуос управляющайа, партком сэкирэтээрэ этэ. Өссө сыныйан көрдөххө, өрөспүүбүлүкэ биллиилээх дьоно, үлэ дьоруойа, аатырбыт-сураҕырбыт капитан М.Ф. Спиридонов, Тааттаҕа сопхуос, агрофирма дириэктэрэ, элбэх уордьаннардаах С.Г. Жирков эмиэ бу утумҥа киирэллэр. Үтүө утум быстыбатын! Дом! Дом! Дом! (В.А. Кондаков)

Лүүчүннэр. Өбүгэлэрбит омоон суолларынан. —

Дьокуускай: Бичик, 2008

Үс Бүлүү айдарыылаахтара

Подняться наверх