Читать книгу Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник - Страница 7

Үс Бүлүүгэ ойууннааһын историятыттан
Ойуун анала, эмтиир ньымалара

Оглавление

В.А. Кондаков «Ойуун эмтиир ньымалара» кинигэтиттэн быһа тардан киллэрэбит:

«Дьэ, онон былыргы Айыы ойууна дьонугар-сэргэтигэр туох сиэри-туому, эмтээһини оҥоророй? Ону биир-биир ааҕан көрүөҕүҥ:

1. Итэҕэли ыытыы. Дьоҥҥо Үөһээ Сырдык Айыыларга үҥүүнү-сүктүүнү тэрийии, ыытыы. Итэҕэл сүрүн боппуруостарынан дьарыгырыы.

2. Үөһээ Сырдык Айыыларга аналлаах улахан сиэри-туому, ыһыахтары тэрийэн ыытыы, алҕааһын. Улахан алгыстары ыытыы.

3. Айылҕаны, тулалыыр эйгэни, улуу түөлбэлэри алҕааһын, уйгуну-быйаҥы ыҥырыы.

4. Айылҕаҕа буолар иэдээннэри эрдэттэн билэн сэрэтии уонна ол иэдээннэри туоратарга үлэлээһин. Көмөлөһөр күүстэри ыҥыран улуу алгыстары ыытыы. Үөһээ Аар Айыылартан көрдөһүү.

5. Курааны, ардаҕы-самыыры, иэдээни оҥорботторун курдук айылҕаҕа барыта тэҥҥэ сөптөөхтүк буоларын иһин Аар Айыылартан көрдөһөн алҕааһын. Курааҥҥа ардаҕы ыҥырыы, уу сутугар уу сутун тохтотууга көрдөһүү.

6. Дьону-сэргэни, сүөһүнү, сири-уоту алҕааһын.

7. Оҕо тардыыта. Оҕоломмот ыалы алҕааһын. Ыалы, ыччаты алҕааһын. Уол оҕо алгыһа, кыыс оҕо алгыһа.

8. Дьонтон, киһиттэн куһаҕаны, дьайы, кырыыһы тэйитии. Анал алгыстар.

9. Улахан күрэхтэһиилэргэ, күүс-уох оонньуутугар барар дьону алҕааһын, көмүскэл ыҥырыыта.

10. Сүөһү тардыыта. Күрүө Дьөһөгөйтөн, Ала Мылахсынтан көрдөһүү.

11. Дьиэ-уот алгыһа. Кэргэн, ыал буолар дьону алҕааһын.

12. Саҥа сир алгыһа. Олохсуйуу алгыһа. Үөһээ Аар Айыылары ыҥыран, Аан Алахчын хотунтан, Түөлбэ иччититтэн көрдөһүү.

13. Үүнүү, быйаҥ алгыһа.

14. Арчылааһын бары көрүҥнэрэ. Киһини, сири-уоту, туттар малы, таҥаһы, олорор сири, булт тэрилин.

15. Байанайга, Күөх Боллох Тойоҥҥо алгыстар, кинилэртэн көрдөһүүлэр.

16. Үлэ алгыстара. Былыр ханнык баҕарар үлэ саҕаланыытыгар, бүтүүтүгэр алҕанар.

17. Көҥүллэтии алгыстара. Маһы кэрдэргэ, тутууну ыытарга, ууну хорорго, оту оттуурга, сүөһүнү өлөрөргө уо.д.а. улахан көҥүллэтии алгыстар оҥоһуллар этилэр.

18. Суол, аартык алгыстара. Ыраах айанныырга, көһөргө оҥоһуллар алгыстар.

19. Эмтээһин. Аар Айыылартан, үтүө иччилэртэн көмө көрдөөһүн. Кыырыы.

20. Кут араарыыта. Кут сүүдүйүү, Кут-сүр бөҕөргөтүү.

21. Дэҥ-оһол тахсыбатын, Илбис кыыһа ииригирбэтин иһин алгыс.

22. Дьайы, сэти, аньыыны дьалбарытарга алгыс, о.д.а.»

Ойууннар эмтиир ньымаларын эридьиэстиибит.

1. Сүллэрдээһин – киһи иһиттэн, этиттэн ыарыыны, туох эрэ эттиги курдаттыы ылыы. В.А. Кондаков суруйарынан, бу Аан дойду үрдүнэн бэрт сэдэхтик туттуллар ньыма. Маннык ньыманы Филиппин хилердара, Америка индеецтэрин ойууннара тутталлар. Сахаларга сүллэрдьитинэн биллибит ойууннарынан А.И. Прокопьева-Биирдээх Настааччыйа, А.Д. Павлова-Алыһардаах Удаҕан, К.П. Семенов-Куонаан ойуун (Бүлүү Мастааҕа) этилэр. Анастасия Ивановна Прокопьева (1887–1968 сс.) Нам оройуонугар Хомустаах нэһилиэгэр төрөөбүт. Эдэр сааһыгар Кэбээйи нэһилиэгэр тэрипиэһинньик уолугар кэргэн тахсыбыта. Иккис кэргэнэ Курулаан ойуун-Николай Иванович Дьячковскай Горнай Одунутуттан төрүттээх.

2. Бохсуруйуу – киһини ыарытыннара сытар абааһыны киэлитигэр киллэрэн тутуу. Ойуун бохсуруйан абааһылары иһигэр киллэрдэҕинэ иһэ улаатар. Ол кэнниттэн били абааһыларын түктүйэҕэ, кэрэххэ эбэтэр эмэҕэккэ иҥэртиир уонна олору үтэйтээн кистэтэлиир. Бохсуруйууну киэлилээх ойуун эрэ оҥорор. Улахан бохсурҕанньыт ойуун син биир сүллэрдьит ойуун курдук сэдэх буолар. В.А. Кондаков улууканнаах бохсурҕанньыт ойууннарынан А.Д. Павлова, К.П. Семенов, Г.Г. Герасимов, Н.А. Васильев этилэр диэн суруйар.

3. Дьалбыйыы – ыарыыны аҕалбыт куһаҕан тыыны ыалдьыбыт киһиттэн кыыран, алҕаан үүрүү, тэйитии (Н.И. Аввакумов). Дьалбыйыыны хомуһуннаах ойууннар үгүстэрэ сатыыллара.

4. Айыыһыт тартарыыта – ойуун эмтиир сиэрин-туомун оҕолоругар өлүүлээх эбэтэр кыайан оҕоломмот ыалга оҥороллоро ааттанар. Оҕо тардары А.Д. Павлова, Г.Г. Герасимов, Бүлүү Тоҕуһун ойууна С.А. Сивцев-Боччуон ойуун уо.д.а. сатыыллара.

5. Дьону, айылҕаны алҕааһын, дьайы, иэдээни дьалбарытыы. Алгысчыт Айыы ойууна тулалыыр эйгэни, ол аата барытын, улуу түөлбэлэри, олорор сири-уоту алгыыр. Былыргы Айыы ойууна айылҕаны сылга үстэ алгыыр этэ. Уу сута буоллаҕына ардаҕы, самыыры тохтотоллоро, кураан сылларга, улахан баһаар буоллаҕына ууну, ардаҕы ыҥыраллара. Ыһыахтары, улахан түмсүүлэри ойууннар алҕаан ыыталлар.

6. Кут көтөҕүүтэ. Ойуун кыыран ыалдьыбыт киһи кутун көтөҕөн ылан ытыһыгар тутар, бэркэ сэрэнэн аҕалан ыарыһахха төбөтүн оройунан иҥэрэр. Ити ньыманан былыргы саха ойууннара сэллик, архах (бронхит), бопторуу (бронхиальная астма) курдук ыарыылары эмтииллэрэ.

7. Ытык дабатыы – Үөһээ Айыыларга сиэртибэ биэрэн, иирии уонна таарымталаныы ыарыытын эмтииргэ туттар ньыма. Былыр саха ойууннара ытык ыарыыга (уҥуох сэллигэр) эмиэ ытык дабаталлара.

8. Ыраахтан эмтээһин. Саха ойууна ыраахтан эмтиир буоллаҕына, бастаан үчүгэйдик алҕанан турукка киирэрэ уонна ханнык эрэ көтөр дьүһүнүн ылынан айанныыр. Маннык ньыманан эмтээбит улуу ойууннар А.Д. Павлова, К.П. Семенов, А. Андреев-Мөлөкө, Г.Г. Герасимов, Н.А. Васильев, В.М. Рожина-Биэрэ удаҕан буолаллар (В.А. Кондаков).

9. Отунан, үүнээйинэн эмтээһин. В.А. Кондаков Саха сиригэр үөскээн ааспыт улахан отоһуттарынан Н.А. Васильевы, Ф.П. Чашкины, В.М. Рожинаны, И.Г. Сидоровы ааттаталыыр.

10. Хааннааһын, түөннээһин. Бу ньымалары ойууннар үгүстэрэ тутталлар. Н.А. Васильев киһи сүнньэ, төбөтө, сиһэ, сүһүөхтэрэ ыалдьар сирин хаанныырыгар анал муостаах. Тыһаҕас муоһун икки өттүнэн аһаҕас гынар. Хаанныыр миэстэтин буокканан сотор, икки өттө көҥдөй муоһу туруоран баран, оборон салгынын таһаарар, муоһун төбөтүн эрэһиинэ бүөнэн саба бүөлүүр. Муоһа тура түспүтүн кэннэ биирдэ ылар, оччоҕо муоһа турбут сирэ үллэн тахсар. Ону скальпелынан хайа быһар уонна муоһун туруоран баран күүскэ соҕус дэлби оборор. Онно тахсыбыт хааны сото-сото. Муоһунан хаста да оборторор. Быспыт сирин ботугуруу-ботугуруу тарбаҕынан сабыта баттыыр. Онто сотору оһон хаалар.

Эт быстыбыт сиригэр түөн уураллар. Кыа умайан бүтүүтүн саҕана киһи этин тас тириитин дьөлө сиир. Ол баас бэрт өр оспокко уу, симэһин тохтон киһи дьарҕата оһор (Л.Ф. Кононова).

11. Имэрийии. Тостубут уҥуоҕу оннун булларарга, сүһүөх тахсыбытын төттөрү киллэрэргэ тутталлара.

12. Сэбирдэххэ тартарыы, уртааһын. Ревматизмнаабыт, ньиэрбэтэ ыалдьыбыт, бокоорбут дьону сэбирдэххэ сытыаран эмтээһин. Дьара соҕус дьаама хастаран баран, онно уот оттуллар. Онто чоҕурбутун кэннэ үрдүгэр 15 см халыҥнаах гына собо тыла саҕа буолбут хатыҥ сэбирдэҕин тэлгэтэллэр. Сүрэҕэ үчүгэй киһи онно сытар. Онтон үрдүнэн эмиэ халыҥ гына сэбирдэҕинэн сабаллар, суорҕанынан үллүйэллэр. Ыарыһах пульсун ааҕа туран, ким тулуйбатаҕы сотору туруораллар, тулуйбуту 15–20 мүн сытыаран тартараллар, оччоҕо киһиттэн көлөһүн бөҕөтө тахсар. Ону дэлби сотон баран таҥыннараллар. Ыарыһах тымныйыа суохтаах (Л.Ф. Кононова).

Атах сүһүөхтэрин ыарыытыгар биэдэрэҕэ сэбирдэҕи оргутан ол паарыгар ыалдьар атаҕы уртууллар.

13. Силлээн-домноон эмтээһин. Былыргы ойууннар силлээн-домноон эмтээһини үгүстүк тутталлара. Силлээн эмтээһин ис өйдөбүлэ ыарыы абааһытын тыл этэн, көмөлөһөр күүстэри ыҥыран быһа силлээн таһаарыы, үүрүү, үтэйии, дьалбайыы. Силлээн-домноон эмтээһини былыр күүстээх ойууннар ыытар этилэр. Дьиктитэ, итинник эмтээһиҥҥэ ыарыы сүтэн хаалар түбэлтэтэ үгүс этэ. Маннык эмтиир киһи тылы сатаан туттар, олус үчүгэйдик билэр буолуохтаах. Силлээн эмтээһини уһулуччу баһылаабыт ойуунунан Георгий Герасимович Герасимов буолар. Уот оттон сыт таһааран, алҕаан баран, ыарыһахтарын кэннилэринэн кэрийэ хаама сылдьан, хас биирдиилэрин санныларын хараҕар тайана-тайана ыарыыларын этэттээн биэрэрэ. Онтон бэйэтин алҕанан баран, ыарыыларын силлэтэлээн эмтиирэ. Тирии баастаах, уҥуох сэллигэ буолбут дьон үтүөрэллэрэ. Оннооҕор саркоманы итинник эмтээбит түбэлтэлээх. Дьарааһынап арыгыһыттары эмиэ ити ньыманан эмтиирэ. Тыл этэн уонна алҕаан баран, курданарыгар диэри сыгынньах олорор арыгыһыт киһини кэлэн кыратык имэрийэн көхсүгэр, түөһүгэр, ытыстарыгар сөмүйэтинэн кириэстии бэлиэлэри сотуталыыра. Онтон эмиэ тыл этэн баран, көхсүлэригэр үстэ силлиирэ уонна: «Аны арыгыны иһээйэҕин, иһээри гыннаххына – мин баар буолуоҕум. Сэрэнээр, эппит тылбын кэһээйэҕин», – диирэ.

Ыраах баар ыарыһаҕы ыыппыт таҥастарыгар силлээн баран, төттөрү ыытара. Дьиктитэ диэн итинник эмтэнэн үтүөрбүт дьон үгүс этэ.

14. Гипнотерапевт быһыытынан эмтээһин. Үчүгэй ойуун туйгун гипнотерапевт буолар. Төһө да күүстээх ойуун ыарыһаҕын сатаан уоскуппат, үчүгэй турукка сатаан киллэрбэт буоллаҕына, кини дьайыыта, эмтээһинэ мөлтөөн тахсар. Бэйэтин кэмигэр гипноз ньымаларын айымньылаахтык, үчүгэйдик имитэн-хомутан туттубут киһинэн Василий Лукич Сенькин буолар.

Айылҕаттан гипнозтаах ойууну былыр хомуһуннаах эбэтэр киһи хараҕын баайар диэн ааттыыллара. Былыргы саха ойууннара дьону гипноз туругар наһаа үчүгэйдик киллэрэр ньымалаахтара. Ол ньымалара научнай гипнозка туттуллар ньымалартан биллэ уратылаахтар.

Георгий Герасимов-Бадыл ойуун гипноһу таба туһанан дьону эмтиирэ. Кини фокус курдук тугу да көрдөрбөт этэ, эмтииригэр оннук соругу да туруоруммат этэ. Эмтэнээччитин олус мындырдаан көрөр-истэр буолара. Уоту оттон, дьону эмтээн, алҕаан-силээн бардаҕына тыла-өһө, саҥарар саҥатын дуораана тута киһи болҕомтотун тардара уонна үтүөрэр эрэли үөскэппитинэн барара. Эмтиир, алгыыр уотун таһыгар киһини уоскутар, үчүгэй турукка киллэрэр долгуннар баар буола түһэллэрэ. Бу дьиҥнээх гипнотетическай дьайыы кини туспа эйгэҕэ киирэрин күүһүрдэн биэрэрэ.

Н.А. Васильев-Ньыыкан эмиэ гипноһу олус сөпкө туттара. Кини эмтэнээччитин гипноз туругар киллэрэн баран, чөкчөҥөнү эбэтэр тоҥсоҕойу «саҥардара». Ити дьоҥҥо дьайыыта эмиэ сүрдээх буолара.

Былыр сорох ойууннар төбөлөрүн быстан, атахтарын сүгэнэн эттэнэн көрдөрөллөрө биллэн турар сороҕо фокус, сороҕо дьону үчүгэйдик гипноз туругар киллэрии көстүүтэ буолар. Ол гынан баран ойуун ыарыһахха, мөлтөх ньиэрбэлээх киһиэхэ итинниги көрдөрдөҕүнэ, киһитэ үтүөрүөхтээҕэр бэргиэн сөптөөх (В.А.Кондаков).

А.А. Павлов, М.П. Григорьев

Үс Бүлүү айдарыылаахтара

Подняться наверх