Читать книгу Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник - Страница 12

Уһулуччулаах ойууннар, эмчиттэр
Алыһардаах Аана
Эмтиир ньымалара

Оглавление

Улуу Удаҕан эмтээн-томтоон, сүбэлээн-амалаан элбэх киһини абыраабыта, бэйэтин бириэмэтин улуу эмчитэ, удаҕана этэ. Дьон-сэргэ бары кини улуутун, сүдүтүн билинэллэрэ, ол иһин кини туһунан араас үһүйээннэр, номохтор күн бүгүнүгэр диэри биһиги норуокка тиийэн кэллэхтэрэ. Анна Дмитриевна эмтииригэр аргыстарын Суор уолун, Алыһары, Кэкэ-бука көтөрү көмөҕө туһанарын билинэрэ. Ойууннар ортолоругар итинник «кыыл оҕолоохтор» диэн Нам улууһуттан Мыччылла-Федор ойуун хаста да сордоҥу төрөппүтүн туһунан Серошевскай суруйбут. Кини этэринэн, балыктары, кыыллары бэл ойууннар «бэрт эрэйинэн да буоллар, төрүүллэрэ». Хараҥа, үөрэҕэ суох дьон итэҕэйэллэрэ.

Гипноһу сатаан туттар дьон ойуун буолаллар. Эдьиий Аана да гипноһунан элбэхтик туттара саарбаҕа суох. Үһүйээҥҥэ кэпсэнэр холобурдары аҕалабыт. Дьон ортотугар киэҥник Анна Дмитриевна суор, алыһар, көтөр оҕолордооҕун уонна улаханнык көрүүлэнэр кэмигэр кинилэри көмөҕө ыҥырара. Милииссийэлэр тутан илдьэ истэхтэринэ сыгынах, тыһаҕас, сур бөрө буоларын, дьиэ иһин алыһарынан толорорун туһунан кэпсэнэр. Сааһырбытын кэннэ гипноһа аччаан, эмтиир дьоҕурун сүтэрбитэ. Дьоҥҥо «оҕолорум миигиттэн бардылар» диирэ уонна эмтиир сүрүн күүстэрэ баранан, Улуу Удаҕан кыырбат буолбута. Чаҕар үлэһиттэрин тарҕаппыта. Ииппит кыыһын, күтүөтүн кытта сүөһүтүн бэйэтэ көрөр буолбута.

Улуу Эдьиийбит Анна Дмитриевна туһунан В.А. Кондаков, М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ, В.Ф. Федоров үлэлэригэр кини Үрдүк Айыылартан ураты билии ылбытын сырдаппыттара. Улуу Удаҕан үлэтин, бар дьоҥҥо оҥорбут үтүөтүн, өҥөтүн М.П. Григорьев, П.С. Максимов дьоҥҥо тиэрпиттэрэ. Үөһээ ааттаммыт чинчийээччилэр бары кэриэтэ Бүлүү Бороҕонун ытык кырдьаҕастара Осип Тимофеевич Мальцевтан, Трофим Петрович Гоголевтан истибиттэрин кэпсииллэр. Бу кырдьаҕастар Улуу Удаҕаны эдэр саастарыгар көрбүт, кэпсэппит буоланнар, биһиэхэ сыаналаах информатор буолаллар. Маны тэҥэ сыаналаах сибидиэнньэлэри хомуурунньуктартан, хаһыаттартан, сурунааллартан буллубут. Архыып матырыйаалларын туһанныбыт.

Алыһардаах Аана эмтиир дьоҕура, талаана эргиччи киэҥин туһунан элбэх үһүйээн, сэһэн, кэпсээн баар. Олортон сорохторун биирдиилээн мантан аллара киллэрэбит.

Бастакы түбэлтэ (А.И. Эверстов 1973 с. аҕатыттан Илья Иванович Эверстовтан (1888 с.т.) истибит кэпсээнэ). Аана Лүксүгүҥҥэ саҥа кийиит буолан сырыттаҕына, сүөһү ыарыыта (олохтоохтор «балыас ыарыы» диэн ааттыыллар эбит) турбут. Аана хотунугар биирдэ этэр: «Дьэ мин бу түүн харсан көрүөхтээхпин». Онуоха хотуна: «Тоҕойуом, бэйэҥ бил, сэрэн, хайа ол эн туох сэптээх-сэбиргэллээх буолуоххунуй? Хайа, дүҥүрүҥ эҥин? Күүһүҥ-уоҕуҥ?» – «Сөп, дүҥүрү биэриэхтэрэ, көстүөҕэ. Дьэ мин бу түүн кинини кытта харсан көрүөхтээхпин».

Эмээхсин оҕонньоругар дьэ кийииппит оннук буолбут, оннук эбит, инньэ диир диэбит. «Эн ойуун кыырарын эҥин абааһы көрөр буоллаххына, тахсаҥҥын туспа хоспоххо олор. Сээкэйи эҥин тэриниэх курдук саҥарар». – «Оо, хайдах баҕайыный? Кини ол баҕайыны кытта хайдах харсар баҕайытай?» – диир оҕонньоро.

Кэргэнэ Акыым Дьөгүөрэ истэн баран этэр: «Оттон кыаххын билинэн этэр инигин? Оттон инньэ гынан көр, баҕардар. Абата бэрт ээ. Оттон ол гынан баран, аны эйигин сиирэ буолуо…» – «Дьэ, оттон, хайдах буолар…»

Сарсыардаттан туран дьиэлэрин хаҥас илиилэринэн харбаан, ыраастаан-хайаан баран, дьахтар күнүс, былыргынан киэһээ түөртүүр саҕана, олоҕор олороору сөрүө тэлгэнэн эрдэҕинэ, арай тойоно киирэн кэлэр.

«Оок-сиэ, сөрүө тэлгэнэн эҥин, балыастаан сиэри олоробут дуу, бу? Хайа, сэрэниҥ эрэ!» Дьахтар саҥарбат. Эмээхсинэ этэр: «Чэ-чэ, саҥарба, бар, таҕыс». Оҕонньор тахсан барар.

Дьэ кыыран барар. Маҥнай ытыһынан кыырар. Онтон киэбин-киэлитин киллэрэригэр дүҥүрүн көрдөппүт. Дүҥүрэ уҥа өһүө баһынан кылыгыраан кэлэн түһэр, ону ытыһыгар түһэрэн ылар. Дүҥүрүн ылан, олоҕор олорон этэр: «Дьоннорум, мин сибилигин оҕус буолуоҕум. Ол оҕус буоллахпына, бу хотоҥҥо киириэҕим. Онно киирэммин мөҥүрүөҕүм, айаатыаҕым. Ону эһиги көрөөйөҕүт. Онтон таһырдьа тахсыаҕым. Онно тулутан харыһыннардаҕына, дьэ тыас-уус улахан, элбэх буолуоҕа. Тахсан көрөр аҕай буолаайаҕытый. Ким көрбүт – бэйэҕититтэн бэйэҕит хоргутуоххут. Олордугут да олоруҥ, биһиги тыаспыт-ууспут сүтүөр диэри».

Кийииттэрэ кыыран ньирилээн киирэн барар. Оһох кэннин диэки аттаан хааман иһэн арай соҕотох муостаах икки атахтаах күөх эбириэн оҕус буолан хаалар. Хотоҥҥо лиһирдэтэлээн киирэн мөҥүрүү-мөҥүрүү, айаатыы-айаатыы турар. Ону көрүмэҥ диэбит буолан көрбөттөр. Хотон иһигэр бачыгыр-кучугур гынар тыас баар. Тохтуу түһэн баран хотон түгэҕин диэки хоту муннугунан таһырдьа оҕус муоһун тыаһа мээнэ өрө лачыгырыы түһэр. Харсыһыы кытаанаҕа буолар, тыас-уус элбиир, хотону үтүрүйэллэр. Бу иһэн биир оҕус саҥата «өөх!» диэн орулуу түһэр. Тыас-уус мэлийэн хаалар. Дьэ тыас мэлийбитин кэннэ көрөөрүҥ диэн эппитин иһин хотуна өҥөйөн көрбүтэ – кийиитэ охто сытар. Тыыннаах. «Чэ, тахсаҥҥыт өрүһүйүҥ, мин акаары киһи акаары буоллум – кыаттардым. Бу күүспүн мунньаммын анньыһан истэхпинэ, туора халбарыйан баран бу уҥа буутум тас өттүнэн кыра соҕустук хайа анньан кэбистэ. Онон өлүүтүн өлбөппүн гынан баран, олох кыаттардым, дьэ көтөҕөн киллэриҥ». Көтөҕөн киллэрбиттэригэр дүҥүрүн көрдүөн ылан, дьэ кыыран икки-үс түүннээх күн лиҥкиниир. Онно сытан этэр:

– Бу улуу эбэ илин баһыгар ити биир ыал байан-тайан олороллор. Бу баҕайы бу Лүксүгүн ааттаах сиригэр үс үйэ тухары кэлиэ суоҕа. Соһуйан көттө, соһуйан ойдо. Бу баран иһэн, кыыһыран, Илин бас ыалын сүөһүтүн бүтүннүү эһэн ааста. Ол гынан баран, дьэ бу эрэ дайдыттан көттө, атын сиртэн көппөтө.

– Бу аата?

– Мин кыаттарыыбар бу илин бас ыала ороскуотурда, онон сити да гыннар, бу уонча баар сүөһүбүт ордуоҕа, аны манна кэлиэ суоҕа букатын. Миигин маннык буолла, маннык кыырда диэҥҥит туолка этимэҥ.

– Оо дьэ, оннук буоллаҕа. Дьэ кэлбэтэр сөп буолуох этэ.

– Дьэ ол төһө сүөһүлээх киһини эһэн кэбистэ ол илин баска? Дьабаһай Микииппэр диэн эдэр ыал баран олорор ээ. Ол киһини эстэҕэ дии?

– Чэ, биир да суох гына. Үс ньирэйи ордордо арай, – диэн кэбиһэр.

Иккис түбэлтэ (В.А. Кондаков). Дьөккөҥҥө Хапчаҕайга олорор Акулина Алексеевна Кондакова (Филипп Дмитриевич Гоголев кэргэнэ, Степан Филиппович Гоголев ийэтэ) биирдэ балык уҥуоҕар харан эрэйдэммит. Ыалдьан сыппыт, кыайан аһаабат, нэһиилэ тыынар буолбут. Ыксааннар Дьөккөнтөн аттаах киһини Унаардаахха ыыппыттар. Ол киһи тиийбитигэр, – Аана айанныырдыы бэлэм олорор үһү. «Чэ, бара охсуохха, киһигит ыксаата. Аккын манна хааллар. Биһиэхэ аттар ыҥыырданан бэлэм тураллар», – диэн Аана ыксаппыт. Түргэнник айаннаан Хапчаҕайга кэлээт, Улуу Удаҕан дьиэҕэ ойон киирбит уонна, тас таҥаһын устаат, Өкүлүүнэ хоһугар киирбит. Итиэннэ: «Оо! Балтым эрэйдээх иэдэйбиккин… Тута киһи ыытыаҥ этэ буоллаҕа дии», – диэбит уонна, дьиэлээхтэри көмөлөһүннэрэн барытын бэлэмнээт, эмтээн киирэн барбыт. Кыталык сототун уҥуоҕунан маҥнай көхсүттэн оборон көрбүт уонна эппит: «Олус да кытаанахтык олорбут эбит. Бэйи, түөскүнэн оборон көрүөххэ. Балтыбын көрөн туран өлөрүөм дуо?!» Суордуу хаһыытаат, түөһүттэн оборон хааннаах, ириҥэлээх уҥуоҕу сулбу тардан таһаарбыт. Салгыы түөһүттэн дэлби оборон ыраастаабыт уонна эппит: «Уҥуоҕуҥ өр сылдьыбыт, хараарбыт, көр бу. Дьэ, дьолуҥ билиэҕэ. Сэттэ хонукка кыра-кыратык ууллубут арыы ырааһын эрэ иһиэҕиҥ. Онтон бэргээбэтэххинэ, өссө сэттэ хонукка арыыны кытта сылаас үүтү иһиэҕиҥ. Биир сыл устата итии уонна тымныы аһы аһаайаҕын. Ириҥэрэн моһуоктаабатаҕына, өссө сэттэ хонон баран убаҕас хааһыта сиэр. Арыый кытаанах аһылыгы 99 хонон баран сэрэнэн сиэҕиҥ. Кэлин хааһыны кытта холбуллубутунан сүөгэйдэ сиир буолаар. Ити күүс киллэриэҕэ. Билигин сэттэ хонукка тохтоон ыарыылыам, эмтиэм. Кэлин бэргээтиҥ да, ыҥыраар. Тута кэлиэҕим. Соторунан ханна да барыам суоҕа». Сэттэ хонукка ыарыылаабыт, эмтээбит уонна барбыт. Өкүлүүнэ үтүөрэн, Аананы иккистээн ыҥырбатахтар. Кэлин Өкүлүүнэ үйэлээх сааһыгар Улуу Удаҕаҥҥа махтанара дииллэр.

Үһүс түбэлтэ (П.С. Колтовской). Дьөккөн Билэччи кэпсээнэ. Билэччи уолугар олорор эбит. Эмээхсинэ баарын-суоҕун туһунан сэһэҥҥэ ахтыллыбат. Кини сонунун сарсыарда аһыы олорон кэпсиир үһү. Биир сарсыарда аһыы олорон: «Бөлүүн Дьаам Силиибин аахха бара сырыттым. Дьаам Силиибин ойоҕо уҥуохха харан, ыалдьа сытар эбит. Онно Тааһаҕартан саҥа ойуун буолан, мөхсөн-тайанан эрэр эдэр киһини аҕалан кыырдардылар. Олох туга да суох киһи эбит, ыалга аһыам-сиэм диэн «тааҕы» дьаабыланар эбит», – диир.

Онтон биир сарсыарда эмиэ аһыы олорон кэпсээбит: «Бөлүүн Дьаам Силиибин аахха бара сырыттым, Үөһээ Бүлүүттэн ыарыһахтаах ыаллары кэрийэн кыыра сылдьар киһи кыырда. Кэм кыра туохтаах эмэлээх киһи эбит. Ол гынан баран, мин күөх истээх сахсырҕа буолан кэтэҕэр, баттаҕын иһигэр киирэн олоробун да, билбээт», – диэбит. Хас хонон баран эбитэ буолла, биир сарсыарда аһыы олорон дьонугар кэпсээбит: «Бөлүүн Дьаам Силиибин аахха бара сырыттым. Дьаам Силиибин эмээхсинэ улаханнык ыксаан сытар эбит. Кырыкыйтан Алыһардаах удаҕаны аҕалбыттар. Дьэ чахчы баардаах киһи эбит. Аатырыан аатырбыт. Маҥнай олорор олбох тэрийтэрэн, дьэ кыырардыы кыырда. Үөрүн-сүүрүгүн ыҥыртаан баран, дьиэ түөрт өттүн чарапчыланан көрдө уонна эттэ: «Дьэ, оҕолор, мин соҕотох буолбатах эбиппин. Улуу киһи убайым кэлэн күөх истээх сахсырҕа буолан, эркин маһа хайдыбытыгар киирэн олорор». Алҕанан-силэнэн баран, туран дьахтары тиэрэ сытыаран иһин сэлиэнэй чааскы айаҕын саҕаны көҥү үрэн кэбистэ. Бөдөҥ көтөр сототун уҥуоҕун ылан, хаста да төхтүрүйэн уҥуоҕу ыла сатаата да, уҥуох кэлбэтэ. Онтон дьахтары умса сытыараат, эмиэ сэлиэнэй чааскы айаҕын саҕаны көҥү үрээт, били уҥуоҕун ылан чупчуруйбутугар хааны-сиини, ириҥэни бүрүммүт сүөһү уҥуоҕун ылла. Дьэ, сүдү киһи эбит», – диэн Аана эмээхсинтэн дьулайбыта үһү.

Филипп Гоголев-Дьаам Силиибэ үс уоллаах: Ыстапаан биллиилээх партийнай, государственнай үлэһит, икки уол Сүөдэр уонна Ньыыкан церковнай-приходскай оскуоланы бүтэрбит оччотооҕуга додо курдук үөрэхтээх дьон.

Төрдүс түбэлтэ (П.С. Колтовской). Мальцев Тит Михайлович кэпсээнэ: «Мин, уоммуттан тахсыбыт уол, эт сии олорон сүөһү уҥуоҕар хардым. Ийэм ат сыарҕатыгар олордон, Кырыкыйга Аана эмээхсиҥҥэ таһаарда. Аана эмээхсиннээххэ тиийбиппитигэр, кини түптэ-түрүлүөн үрдүгэр түһэн, күөмэйбэр турбут уҥуоҕу ылла. Уонна эттэ: «Сөпкө дьаһанан, түргэнник киирэн, оҕоҕун өрүһүттэрдиҥ. Уһаабыта буоллар, оҕоҥ иэдэйиэ эбит», – диэтэ».

Бэһис түбэлтэ (Степан Сметанин). Тыайа олохтооҕо Никифор Степанов (Мэлтэр) эдэр сылдьан куртаҕынан улаханнык ыалдьыбыт. Бэйэтэ сүөһүлээх-астаах, кыанар ыаллар ахсааннарыгар сылдьар киһи эбит. Кини Мукучуга Алыһардаах диэн эмчит дьахтар сураҕын истэн, күһүөрү ыҥыыр атынан биир аты сэтиилэнэн айаннаан, билиҥҥи 1-кы Лүүчүҥҥэ тиийэр. Онно Алыһардаах удаҕаҥҥа хонор. Киэһэ аһыы олорон Аана этэр: «Тоойуом, бачча ыраах сиргэ эмтэнээйэбин диэн кэллэҕиҥ дии, бэрт ыараханнык ыалдьар оҕо эбиккин, ол кыайтарара-кыайтарбата биллибэт», – диир. Ол курдук хоммуттар. Сарсыарда чэйдии олорон Аана этэр: «Бачча дойдуга кэлбит киһини, хайдах мээнэ санааҕын боруостаабакка ыытыамый?! Онон хонон-өрөөн бар, киэһэ саҥаран-иҥэрэн көрүөм», – диэбит.

Күн ортотуттан ыла кыырарга бэлэмнэнэн барбыттар. Киэһэлик дьиэҕэ биир сытыы-хотуу сирэйдээх-харахтаах, турбут-олорбут эдэр киһи ойон киирэр. Ону көрөн Аана: «Тукаам, Борокуоппай, кутуруктаан көр», – диэбит. Бу Кылаан Борокуоппай эбит.

Кыырыан иннинэ Микииппэр ырба сылдьыахытын уһултарар уонна хаҥас диэки бэйэтин оронугар сытыарар, ыарыһах харахтарын былаатынан саба баайтарар. Ол эрэ кэнниттэн кэлэн ыалдьар сирин, иһин, имэрийэр. Ыалдьар сирэ бөлтөйө сылдьарын сөмүйэтигэр силлээн баран эргитэ тардыбыт. Ол кэнниттэн Микииппэри туруоран суол аанынааҕы ороҥҥо олордубут, атаҕын анныгар туос тордуйаны уурбут уонна олох хамнаабакка олор диэн сэрэппит. Бу эрэ кэнниттэн Аана кыырар. Кыыран иһэн тойон өһүө төрдүн диэки хантайан туран суордуур. Инньэ гынарын кытта, ыарыһах этин тымныы салгын охсор, онтон уһаабат били ыалдьар сирэ томтойо сылдьарын туһунан туох эрэ тымныы хаарыйар, ону кытта тэҥҥэ тордуйаҕа туох эрэ тохтор тыаһа иһиллэр. Аана ол кэнниттэн былаайаҕынан Микииппэри эргитэ тардар уонна уһаабат, кыыран бүтэр уонна этэр: «Дьэ аны утуй, ити ыалдьар миэстэҕин илиигинэн тутаайаҕын», – диир. Микииппэр утуйан хаалар, сарсыарда уһуктан били ыалдьар сирин имэринэн көрбүтэ – били бөлтөйө сылдьара суох буолбут, симэлийэн сүтэн хаалбыт.

Сарсыарда эмээхсин (Аана ити саҕана сааһырбыт этэ): «Тоойуом, дьэ баҕар, биир эмит сыл сылдьыаҥ, дьиэлээ», – диэбитэ үһү. Микииппэр баһыыбалаан, махтанан, манньатын сэтиилэнэн кэлбит атын хаалларан баран, дойдулуур. Дойдутугар Тыайаҕа кэлэн, били ыарыытыттан олох үтүөрэн, кырдьан баран өлбүтэ үһү.

Алтыс түбэлтэ (Лүүчүннэр биир бэркэ билэр киһилэрэ, Тыымпы олохтооҕо Дооско уола Уйбаан Еремеев 1954 с. Егор Никифоров диэн Бүлүү краеведыгар кэпсээбитин билиһиннэрэбит). Сурукка этиллэр: «Орто Бүлүү Кулуһуннааҕар олорор Еремеева диэн эдэр дьахтар (Дооско кыыһа) сөтөл өлүүгэ ыалдьыбыта. Оччолорго, сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар, эмтээһин суоҕа. Онон аҕабыыт оҕонньор Аана эмээхсини, Алыһардаах удаҕаны, ыҥырбыта. Кыыс бүтүн сылы быһа ыалдьыбыт буолан ырбыт, дьүдьэйбит көрүҥнээҕэ, сэниэтэ суоҕа, тугу да кыайан аһаабат этэ.

Алыһардаах ыҥырыыны ылынан кэлбитэ, ол эрээри кыырбатаҕа. Сэбиэскэй былаас ойууннааһыны кытаанахтык боппут кэмэ этэ. «Маннык ыарыыга абааһы суох буолааччы», – диэбитэ. Туох эрэ уһун туруупкалаах этэ. Ол туруупкатын кыыс көхсүгэр тирээн туран, хааннаах ириҥэни оборон ылан кыра чабычахха куппута. Мин санаабар кини итинник 4–5 төгүл оборо-оборо иһиккэ куппута уонна көрдөрөн баран ол туос иһитин уокка бырахпыта.

Хата кыыс итинтэн ыла үтүөрэргэ барбыта. Аана оборбут сиригэр кыра баас тахсыахтааҕар кытарбатах да этэ. Бу дьахтар 60 сааһын туолан, ыал ийэтэ, эбэтэ буолан баран өлбүт, кэнники хаһан да ыалдьыбатах.

Сэттис түбэлтэ (И. Мальцев). Уруккута батараак Тимофей Григорьев сэбиэскэй былаас сылларыгар урукку хаһаайыттарын үҥсэн, баайдарын былдьаан улаханнык байбыта. Былаастар «бассабыыктыы» санаалаах диэн кыра салайар үлэҕэ таһаараннар, удаҕаны, ойууну, бэйэтин да дьонун аанньа ахтыбат буолбута. Анна Дмитриевна саһылга сылдьар үөрэхтээх ыттааҕын ымсыыран былдьаан ылбыта, эмээхсини дэлби үөхпүтэ, суутунан куттаабыта. Кырдьаҕас киһи атаҕастатан улаханнык өһүргэммитэ.

Ол киэһэ Түмэппий хараҕынан ыалдьан олорор да, сытар да кыаҕа суох буолбута. Ыксаан Алыһардаахтан көрдөһүннэрэ инитин Сантайы ыыппыта. Кырдьаҕас удаҕан атаҕастаммыт киһитин эмтиирин аккаастаабыта. Түмэппий кэргэнэ Евдокия көрдөһө барбыта уонна эмээхсини тылын ылыннаран аҕалбыта. Ол түүн Иосиф Мальцев Түмэппийдээххэ хоно сытар этэ, онон кини барытын көрбүт. Аана киирээт: «Тоҕо ыҥырдыҥ?» – диэбит. Тимофей буруйун билинэн, бырастыы гынарыгар уонна эмтииригэр көрдөспүт. Ыты төннөрөрүн эппит. «Тоҕо саһыл булдугар барбатыҥ? Тоҕо хараххын баанныҥ?» – «Аана, булка барарга баҕалаах этим. Онтукам табыллыбата». Эмээхсин күүстээх куолаһынан: «Миигин кырыйда, хайдах баҕарар атаҕастыахха сөп дии санааҥҥын оҥордуҥ. Мин эдэрим буоллар итинник быһыыланыаҥ суох этэ. Акаары киһи байбыккын уйбаккаҕын, урут быстар дьадаҥыгын умнубуккун. Уруккута акаары дьадаҥы киһи байаҥҥын өссө акаарытыйбыккын, суобаскын, чиэскин барытын сүтэрбиккин. Оттон мин эдэр эрдэхпиттэн дьоҥҥо үчүгэйи оҥорорго кыһалларым. Бүгүн да ол санаабынан уонна кэргэниҥ көрдөһүүтүн ылынан кэллим. Эйигин аһынан буолбатах», – диэт, ытыһыгар силлээн баран, Тимофей чэчэгэйин үстэ охсубут. Евдокия эмээхсини чэйдэтиэн баҕаран остуолга ыҥырбытын аккаастаабыт. «Кыыһырбытым өссө да ааһа илик» диэбит уонна кыра манньа да ылбакка таҥнан тахсан барбыт. Тимофей өссө тоҕус күн ыалдьан баран үтүөрбүтэ.

Ахсыс түбэлтэ (П.С. Колтовской). Кычкин Тимофей Егорович-Буоккалаах ойоҕо маҥнайгы оҕотун оҕолоноору дьонугар Мукучуга Байымчыга олохтоох Потап Жирковтаахха-Ботуоҥкаҕа тахсыбыт. Талыыта күүскэ киирэн аара былдьанан, Өкүчүгэ олохтоох ыалга тохтообут. Кыайан төрөөбөккө муҥнана сыттаҕына, арай Аана эмээхсин киирэн кэлбит. «Оҕом манна кэлэн оҕолоноору муҥнана сытарын хойутаан билэн кэллим», – диэт, үтүлүгүн суол ааныгар элитээт, тас таҥаһын устубакка да эрэ, кыайан төрөөбөккө муҥнана сытар Мотуруона таһыгар кэлбит. «Бу обургу кэлэн, оҕо кэлэр аартыгын бүөлүү саба ахчайан олорор эбит», – диэт, абыр-табыр алҕаммыт. Хайдах курдук эмээхсин илиитэ Мотуруона этигэр тиийээтин кытта, дьахтар төрүүргэ барбыт.

Тохсус түбэлтэ (Аана чугас аймаҕа Владимир Алексеевич Кондаков суруйуутуттан биир түбэлтэни аҕалбыт). Аана Дьокуускай куорат улахан баай киһитигэр ыҥырыллан ыалдьыттаабыт. Күндү иһиттээх, хотойорунан астаах остуолга олордубуттар. Кини утары мааны таҥастаах, ыраахтан сылдьар баай киһи эдэр уолун олордубуттар. Уол Улуу Удаҕаны көрөн баран: «Ама бачча үчүгэй кыыс дьахтар удаҕан үһү дуо? Хайдах маннык ыраас кырасаабысса сиргэммэккэ дьону сүллэрдиирэ буолуой?» – диэн саныы олорбут. Онуоха Аана сирэйэ кытара түспүт, көмүс биилкэтин остуолга тыастаахтык уурбут уонна: «Биир остуолга олороммут сиилэһэ олоробут дуу?!» – диэбит. Дьон чуумпура түспүттэр, мааны уол куйахата күүрбүт, баттаҕа турбут. Аананы бырастыы гынарыгар көрдөспүт.

Бу уол түөрт уончатыгар тиийэн, түспэтийэн баран, Дьокуускайга улахан наадаҕа айаннаабыт. Бүлүү сиринэн ааһан иһэн биир улахан дьиэҕэ атын тохтотон, хонордуу киирбит. Киирэн дорооболоһон баран, өйдөөн көрбүтэ – дьиэ хаһаайката били, кини Дьокуускайга иирсэ сыспыт кыыһа өссө толуутуйан, хотун-хаан дьүһүннэнэн олорор эбит. Дьиэҕэ аҕыйах чаҕар дьон баалларын көрбүт. Хотун кинилэри дьаһайан, ас астаан мааны остуол тэриттэрбит, күндү арыгы туруортаран хоннорбут. Айанньыт сарсыарда эрдэ туран, суолун ыйдаран айаннаабыт. Киэһэлик эрдэ биир киэҥ дьиэлээх ыалга кэлбит. Атын сэргэҕэ баайан баран, дьиэҕэ киирбитэ – бөлүүн хоммут ыалыгар киирэн турар үһү. Дьиэлээх хаһаайка кыратык мүчүк гынан баран остуолун тартарбыт. Ыалдьыт саҥата суох тото-хана аһаан утуйбут. Сарсыныгар айаннаан киэһэлик эмиэ Ааналаахха кэлбит. Дьэ улаханнык ыксаабыт. Киэһэ аһыы олорон Аанаттан улаханнык көрдөспүт. Онуоха биирдэрэ эппит: «Тоҕо урут ыалга сиилии олорбуккун кэпсэппэккэ, уруккуну ахтыспакка ааһаары соруммуккунуй? Миигин умнубута буолуо дии санаабытыҥ дуо? Мин барытын үчүгэйдик өйдүүбүн ээ. Ол урукку түбэлтэҕэр эдэриҥ, үчүгэйиҥ бэрдин иһин тыыппатаҕым». Уруккуну-хойуккуну ахтыһан уһуннук кэпсэппиттэр, улахан эйэлээх доҕордуу буолбуттар. «Дьэ мантан антах үчүгэйдик айанныаҕыҥ. Дьокуускайга баран иһэр соругуҥ ситиһиилээх буолуоҕа. Аны бу диэкинэн аастаххына кэһиилээх таарыйан ааһар буолаар», – диэбит. Хоноһо салгыы айана-сырыыта барыта табыллыбыт. Ааналаахха куруук кэлэр, сүбэлэтэр буолбут (В.А. Кондаков).

Онус түбэлтэ. Буоккалаах Түмэпий эмээхсинэ Мотуруона ытык буолан ыалдьан, сор хаанын көрөн, ыксаан, үрэх уҥуор Кырыкыйга Аана эмээхсиҥҥэ тахсыбыт. Халлаан сааскытыйан эрэр кэмэ эбит. Эмээхсин ыалдьан, суорҕаннаах-тэллэххэ сытар үһү. Ол гынан баран өйө чоҥ курдуга үһү.

– Оҕом, кэлээхтээбит эбиккин дуу? Мин өлөр охтуубун охто сытабын. Бу күн сириттэн арахсан абааһы эрбэр барарым бу ыган кэллэ. Оҕолор, өйөөн олордуҥ эрэ. Көмөлөһөбүн дуу, суох дуу? Кыах бүтэн сытабын.

Икки киһи икки өттүттэн өйөөн олордубуттарын кэннэ, Мотуруона илиитин ылан көрөн баран:

– Манна абааһы аҥаара да, чиэппэрэ да суох эбит. Илииҥ ытык буолбут, – диэбит. – Курууска ортотунан ыраас уута кутан аҕалыҥ эрэ.

Куруускаҕа уу аҕалан тутан турдахтарына, туттар малын – бөдөҥ көтөр уҥуоҕун киһинэн ыллартаран хаста да төхтүрүйэн ыраас хаан кэлиэр диэри оборбут.

– Айыы-айа. Ити куруускалаах ууну түннүккэ илдьэн күн уотугар көрөн баран, уокка кутан кэбиһиҥ. Илин Өлөксөй оҕонньор эмиэ өлөр охтуутун охто сытар. Мин инникилиир буоллум, ол гынан баран аргыстаһан анараа дойдуга барар буоллубут. Мин кэннибиттэн бу дойдуга дүҥүр тутан дүрбүйэр киһи үөскүө суоҕа. Мин ааппын ааттаан кыырар киһи баар буоллаҕына, ыт аһыыр иһитигэр аһатаарыҥ. Чэ, тоҕойум, аны бу дойдуга көрсөр суох. Сайбарыыннаһыах, – диэбит.

Били эмээхсин туттубут куруускалаах уутун күн уотугар илдьэн көрбүттэрэ – кылы кырбаабыт курдук үөн бөҕө кыймаҥныы сылдьар үһү.

Бу түһүмэҕи Буоккалаах улахан уола Прокопий Тимофеевич Прокопьев кэпсээбитэ. Ийэтин кини атынан таһаара сылдьыбыт.

Ити бириэмэҕэ илин Лүүчүҥҥэ Мөлөкө ойуун, Алексей Андреев, өлөр охтуутун охто сыппыт. Үөлээннэхтэрэ кэлэн көрсөн бараллар эбит. Онно биир бэркэ тапсар, эн-мин дэһиспит киһитэ ыйыппыт:

– Аана эмээхсин эмиэ өлөр охтуутун охто сытар дииллэр, хайаҕыт инникилиэх курдугуй? – диэн.

Өлөксөй оҕонньор дьээбэлээх киһи эбитэ үһү. Ол сытан дьээбэтийбит:

– Һы, бу да киһи. Мин эр киһи буоллаҕым дии. Үөһэ сытыам буоллаҕа дии, – диэбит.

Кырдьык, Өлөксөй оҕонньор Аана эмээхсинтэн үс хонук хойутаан барбыта үһү.

Үс Бүлүү айдарыылаахтара

Подняться наверх