Читать книгу Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник - Страница 20
Уһулуччулаах ойууннар, эмчиттэр
УЛУУ ЭМЧИТ НЬЫЫКАН
ОглавлениеН.А. Васильев-Ньыыкан наука, краеведение уонна публицистика матырыйаалларыгар
Айылҕаттан айдарыылаах, үөһэттэн үөтүүлээх XX үйэ биир бэлиэ киһитэ, саха омук киэн туттуута, саарына буолбут Никон Алексеевич Васильев норуот Улуу эмчитин быһыытынан бүтүн Россия, Сибиир, Саха сирин үрдүнэн киэҥник биллибитэ. Аан айылҕата киниэхэ анаан биэрбит уратытын кэмигэр сөпкө өйдөөн, олох араас эндирдэриттэн сынтарыйбакка, ыар охсууларыттан дьулайбакка, ол талаанын уотун сөҕүрүппэккэ салгыы күөдьүтэн, сайыннаран, дьонун-сэргэтин дьаҥтан-дьаһахтан, өлөр өлүүттэн быыһыырга олоҕун барытын анаабыта.
Ньыыкан ойуун ураты дьоҕурун бэрт эрдэттэн бэлиэтии көрөннөр, оччотооҕу Сэбиэскэй Сойуус, онтон кэлин Россия, Саха сирин биллиилээх дьоно, учуонайдар, историктар, этнографтар, фольклористар, ботаниктар, музыковедтар, кино-, фотодокументалистар, кыраайы үөрэтээччилэр интэриэһиргээн, араас сылларга анаан кэлэн үөрэппит, чинчийбит уонна сурукка-бичиккэ киллэрбит, хаартыскаҕа түһэрбит, киинэҕэ устубут эбиттэр.
Бастакынан, Ньыыкан ойуун, оччолорго сурукка киирбитинэн Никон Поскачин, ааспыт үйэ 20-с сылларыгар ойууннуур кэмнэригэр кини кыырыыларын 1-гы Боотулуу нэһилиэгин 1-кы сүһүөхтээх трудовой оскуолатын учуутала, 20 саастаах эдэр киһи Андрей Александрович Попов сурукка тиһэн, сахалар былыргы итэҕэллэрин Россия наукатын киэҥ эйгэтигэр таһаарбыта. Бу сүдү суолталаах научнай үлэҕэ оччотооҕу Үөдүгэй улууһун Боотулуу, Оноҕоччут уонна Сургуулук нэһилиэктэрин уон ойууннарын отуттан тахса араас суол кыырыыларын суруйан, онтон кэлин тылбаастаан киллэрбитэ. Манна Ньыыкан ойуун үс кыырыыта, «Сылгы кэрэҕэ», «Дүҥүр алгыһа» уонна «Кэрэххэ кыырыы» киирбиттэр.
А.А. Попов 1902 c. сэтинньи 2 күнүгэр Бүлүү уокуругун Үгүлээт нэһилиэгэр баар Благовещенскай таҥаратын дьиэтин аҕабыытын Александр Попов дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Дьокуускайга 2-с сүһүөхтээх оскуоланы бүтэрэн баран Андрей Попов Боотулууга 1919 с. аһыллыбыт оскуолаҕа учууталынан ананан кэлэн, 1922–1925 сс. үлэлээбит. Бу үлэлиир кэмигэр этнографическай матырыйааллары хомуйуунан күүскэ дьарыктаммыт. Бэйэтэ суруйарынан, кыһынын учууталлыыр кэмигэр Боотулууга, онтон сайыҥҥы каникулун кэмигэр 5–6 көстөөх сиргэ баар дойдутугар Үгүлээккэ бара-кэлэ сылдьан, баай этнографическай матырыйаалы хомуйбут. Үгүлээт уонна Боотулуу икки ардыларынан эбэтэр чугастарынан сытар ыаллыы Оноҕоччут, Көтөрдөөх, Сургуулук, 1-кы Үөдүгэй, 1-кы Күүлэт, Ыйылас нэһилиэктэригэр олохтоох саха ойууннарын тылларыгар киллэрэн, кыырдаран, ону сурукка түһэрэн туох да сөҕүмэрдээх улахан үлэни оҥорбута. А.А. Попов бу сүдү научнай үлэтигэр саамай чугас көмөлөһөөччүлэринэн олохтоох дьон, олор истэригэр Боотулуу оскуолатыгар үөрэтэр оҕолоро буолбуттар. Ол курдук кини Захар уонна Евсей Николаевтары, Роман Поскачины, Лука Федотовы уонна Петр Догоровы ааттаталаабыт.
1925 с. Андрей Попову Саха АССР үөрэххэ наркомата Ленинградтааҕы судаарыстыбаннай университет этнографияҕа отделениетыгар салгыы үөрэттэрэ ыыппыт. Андрей Александрович өссө университекка үөрэнэр сылларыгар Петр Великэй аатынан РНА антропология уонна этнография Музейыгар (Кунсткамераҕа) үлэҕэ киирбитэ уонна олоҕун тиһэх сылларыгар диэри бу манна, Сибиир секторыгар, үлэлээбитэ. 1935 с. ССРС НА Квалификационнай хамыыһыйата А.А. Поповка этнография специальноһыгар историческай наука кандидатын учуонай степенин иҥэрбитэ, оттон 1947 с. ВАК Ленинградтааҕы университет этнографияҕа доценын учуонай званиетын биэрбитэ.
Улахан учуонай уһуна суох олоҕун устатыгар научнай интэриэһин Сибиир кыра омуктарын – долгааннар, нганасааннар устуоруйаларын, култуураларын уонна олохторун-дьаһахтарын үөрэтиигэ анаабыта. Элбэх фундаментальнай научнай үлэни бэчээттэппитэ, сорох улахан үлэлэрэ хомуллан, бэлэмнэнэн баран бэчээттэммэккэ хаалбыттара. Сэрии кэмигэр А.А. Попов баҕа өттүнэн блокадаламмыт Ленинградка хаалан, үөрэммит, үлэлээбит Музейыгар Сибиир секциятын салайан салгыы үлэлэппитэ. Андрей Александровиһы наукаҕа киллэрбит сүҥкэн үтүөтүн уонна Ленинград куорат көмүскэлигэр көрдөрбүт хорсун быһыытын учуоттаан сэбиэскэй бырабыыталыстыба «Бочуот знага» уордьанынан уонна «Ленинград оборуонатын иһин» мэтээлинэн наҕараадалаабыта. А.А. Попов үлэтин үгэнигэр сылдьан 1960 с. өлбүтэ.
А.А. Попов ааспыт үйэ 20—30-c cc. Бүлүү уокуругар хомуйбут бэрт элбэх фольклорнай, этнографическай матырыйааллара бэчээттэммэккэ хаалбыттарын, Антропология уонна этнография музейын (Кунсткамера) архыыбыттан саха учуонайдарыттан бастакынан булан, иҥэн-тоҥон үөрэтэн киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт киһинэн ССРС НА СО Саха сиринээҕи салаатын Тыл, литература уонна устуоруйа институтун научнай үлэһитэ, биллиилээх фольклорист-учуонай Прокопий Елисеевич Ефремов буолар. П.Е. Ефремов 1933 с. бэс ыйын 22 күнүгэр эмиэ Бүлүү Үгүлээтигэр төрөөбүтэ, ол эбэтэр Андрей Александрович Попов биир дойдулааҕа буолар. Ону ааһан 1963–1992 сс. Тыл, литература уонна история институтугар олоҥхо салаатын младшай научнай үлэһитинэн, онтон научнай үлэһитинэн үлэлии сылдьан, эмиэ А.А. Попов курдук, долгаан омук фольклорун дириҥник дьаныһан туран үөрэппитэ. Институкка үлэлиир сылларыгар научнай эспэдииссийэлэр үлэлэригэр көхтөөхтүк кыттыбыта, Саха сирин хотугу улуустарын барытын кэриэтэ кэрийбитэ: Анаабыр, Өлөөн, Булуҥ оройуоннарыгар, Бүлүү уонна Халыма сүнньүлэригэр сытар оройуоннарга, ону таһынан Красноярскай кыраай Таймыырдааҕы национальнай уокуругар сылдьыталаабыта. Таймыырга түөртэ сылдьыбыта. Ол түмүгэр «Дулгаан олоҥхото» диэн монографияны, «Дулгаан фольклора» кинигэҕэ киирбит матырыйаалы үксүн бэлэмнээн таһаартарбыта.
Бу Антропология уонна этнография музейын (Кунсткамера) архыыбыгар баар Бүлүү ойууннарын туһунан А.А. Попов үлэлэрин булан үөрэтэригэр Прокопий Елисеевич Никон Поскачин (Васильев) үс кыырыытын: «Сылгы кэрэҕин», «Дүҥүр алгыһын» уонна «Кэрэххэ кыырыытын» ордук иҥэн-тоҥон билсибитэ. С.Т. Боескоров суруйарынан, кэлин П.Е. Ефремов Боотулуга уоппускатыгар, эдьиийигэр А.Е. Ефремоваҕа сынньана таарыйа кэлэн, оҕонньорго Түүкээҥҥэ киирэн хонон-өрөөн тахсара (2014).
П.Е. Ефремов саха норуотугар оҥорбут биир сүҥкэннээх үтүөтүнэн 1965 с. Судаарыстыбаннай антирелигиознай издательство архыыбыгар (Москва) саха биллиилээх учуонайа Г.В. Ксенофонтов үгүс сыралаах үлэтин түмүгүн «Эллэйаданы» булбута буолар. 1977 с. бу сүдү суолталаах булумньуну – Г.В. Ксенофонтов көстүбүт үлэтин – Н.В. Емельяновы кытта бэлэмнээн, Москваҕа бэчээттэппитэ. Прокопий Елисеевич олоҕун тиһэх сылларыгар хоһуун эпоһын уонна хотугу сахалар олоҥхолорун чинчийбитэ. Хомойуох иһин, ол үлэлэрэ сиппэккэ хаалбыттара. Кини 1992 с. тохсунньу 20 күнүгэр олохтон туораабыта.
Ньыыкан кырдьаҕас уустук эндирдээх олоҕун, кинини бастаан ойуун, онтон эмчит быһыытынан, сахатын дьонун араас ыарахан ыарыылартан, дьаҥтан-дьаһахтан быыһыырга туруоруммут сүдү сыалын-соругун, ону ситиһэргэ өркөн өйүнэн, талба талаанынан айан таһаарбыт араас эмтиир ньымаларын туһунан сиһилии маҥнайгы научнай киэптээх ыстатыйаны философия доктора, профессор Ксенофонт Дмитриевич Уткин суруйан турар (Саха ойууннара, 1993).
Бэйэтэ Ньурба Таркаайытыттан төрүттээх улахан бөлүһүөк учуонай тыыннааҕар Ньыыканы көрсүбэтэҕиттэн улаханнык кэмсинэрэ: «Биһигини бэйэбитин кытары айылҕаттан айдарыылаах эмчит, ойуун киһи тэҥҥэ сылдьыбытын наука, үөрэх өттүттэн сэҥээрбэтэхпит хомолтолоох. Өлбүтэ 15 сыл ааспытын эрэ кэннэ, саҥа өй-санаа ухханыгар олорсон, сүдү, улахан дьоннорбутун туоһулаһан, ыйыталаһан эрэбит…»
Саха биир бөдөҥ бөлүһүөк-учуонайа К.Д. Уткин Ньыыкаҥҥа анаммыт улахан ыстатыйатын маннык дириҥ ис хоһоонноох тылларынан түмүктээбит: «Никон Васильевич Васильев-Ньыыкан ойуун дьиҥнээх бэйэтин талаана ситэ-хото арыллыбакка хаалбыта. Ол эрэн киһи уонна олох сүдү, сүппэт тыллары өтө көрөн эт сүрэҕинэн ылыммыт буолан, киһи олоҕун уһатар соҕотох сокуонунан олорон ааспыта. Ойууннуур да кэмигэр, кэлин отоһут, эмчит да буолан баран, бар дьону дьаҥтан, ыарыыттан быыһыыр туһугар өйүн, сүрэҕин бүтүннүү анаабыта. Элбэх киһи абыраммыта. Олох кэрэ киэлитигэр иккиһин эргиллэр дьылҕа бэлэҕин билэр кыахтаммыттара. Ньыыкан курдук уос номоҕор олорон хаалбыт норуот бүтэй бөлүһүөктэрэ, өйдүүн-сүрэхтиин гуманист дьон кэлэр да кэмҥэ кэпсэлгэ сылдьыахтара».
Никон Алексеевич Васильев ойуун, эмчит быһыытынан төрөөбүт норуотугар оҥорбут сүдү суолталаах үтүөтүн туһунан биллиилээх археолог-историк, сахалыы былыргы итэҕэл, ойууннааһын тиэмэлэригэр элбэх научнай үлэлэрдээх биллиилээх учуонай, историческай наука доктора, профессор Розалия Иннокентьевна Бравина бэйэтин хас да үлэтигэр эмиэ ахтан, суруйан турар. Ол курдук «О шаманских текстах А.А. Попова» (2006), «Шаманы седого Вилюя» (2010) диэн ыстатыйаларыгар уонна быйыл тахсыбыт «Шаманы – избранники небес и духов» (2018) диэн кинигэтигэр Н.А. Васильевы-Ньыыкан Ойууну норуот номоҕор киирбит саха улуу ойууннарын ахсааныгар киллэрэр.
Н.А. Васильев-Ньыыкан кырдьаҕас айылҕаттан бэриллибит мындыр өйдөөх отоһут эмчит буоларын туһунан киниэхэ эмтэнэн үтүөрбүт дьон үгүстүк махтанан этэрин-суруйарын таһынан, ботаника, фитотерапия боппуруостарыгар анал үөрэхтээх специалистар эмиэ үрдүктүк сыаналаан бэйэлэрин научнай үлэлэригэр кытта суруйбуттара.
Саха сирин эмтээх отторун уһун кэмҥэ дириҥник чинчийэн үөрэппит, биллиилээх ботаник-учуонай, Саха университетын проректора Афанасий Акимович Макаров «Растительные лечебные средства Якутской народной медицины» (1974), «Лекарственные растения Якутии» (1980) диэн научнай монографияларыгар: «Здесь использованы многочисленные опросные сведения, собранные нами в 1962–1970 гг., с участием студентов-дипломников биологического отделения биолого-географического факультета Якутского университета, собираются сведения о ботанических средствах народной медицины якутов. Сбор сведений путем опроса местного населения показывает, что в настоящее время в результате коренного улучшения медицинского обслуживания, расширения аптечной сети в районах республики, население полностью забыло знахарство. Народных лекарей, наделенных ореолом искусного врачевателя, почти не осталось. Лишь кое-где сохранились отдельные старожилы, хорошо знающие народные средства и рекомендуемые рецепты (ныне здравствующий Н.А. Васильев из Вилюя, недавно скончавшийся Ф.П. Чашкин из Татты и др.)».
Ньыыкан Саха сирин үүнээйилэрин дьону эмтииригэр туһанар ньымаларын үрдүктүк сыаналаан туран, Афанасий Макаров сорохторун бэйэтин научнай үлэлэригэр киллэртээбитэ. Ол курдук А.А. Макаров «Растительные лечебные средства Якутской народной медицины» монографиятыгар тиит мас (лиственница даурская норуот медицинатыгар былыргыттан араас ыарыыларга туттулларын ыйан туран суруйар: «По сообщению народного врачевателя Н.А. Васильева, сухие, мелко раскрошенные кусочки ветки непрерывно развариваются в течение 2–3 суток, после чего жидкость упаривается. Оставшаяся после этого масса (порошок) используется при головных болях, болях в сердце, энцефалите и параличе, ревматизме, при болезнях почек и печени, а также при раке желудка».