Читать книгу Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник - Страница 16

Уһулуччулаах ойууннар, эмчиттэр
Алыһардаах Аана
Көтүтэр дьоҕура

Оглавление

Ыалга сырыттаҕына туох эмит сүтүктээхтэр ол кэмҥэ, баччаҕа оннугум сүппүтэ, онтум көстүбэтэ, көрө түһэн биэрбэккин ээ диэн көрдөһөллөрө. Ылыннаҕына, толоруута судургу уонна түргэн буолара үһү. Аҕыйах тылы этэн баран, сүүрэр атахтаахтарын, көтөр кынаттаахтарын ыҥырара уонна былаайаҕынан дүҥүрүн аҕыйахтык тобурҕаччы охсон баран, оһох ураатын үүтүгэр тоһуйара. Туох сүппүтүн сонно дүҥүрүгэр түһэрэн ылан, туһааннаах сүтүктээххэ биэрэр эбит. Дьиэлээхтэр ол иһин олуһун махтаналлара. Онуоха Аана эмиэ оҕолуу үөрэрэ үһү. Ол эрээри кини көтүтэн аҕалар ити сэдэх аба-хомуһуна эрдэ соҕус сүппүт. Аана курдук кырдьыксыт, ыраас киһи «аньыылаах таҥас» диэн көтүтэн аҕалыан баҕарбатаҕын үрдүнэн, ханнык эрэ хотун «аньыыта суох ыраас көрдөһүүбүн ылын» диэн наһаа көрдөспүтүн тулуйумуна, көтүтэргэ сөбүлэспит. Ол сүппүт таҥаспыт үөһээ билэтин бүүрүгэ кыһыл көмүстэн тапталлан оҥоһуллубут, ыарахан ыйааһыннаах сыалдьа эбит. Аана: «Урууга-мааныга кэтиллибит таҥас буолан баран, бу кэтиллэ сылдьан атын киһини кытары көрсүүлэһиигэ кэтиллибит, быртахтаммыт таҥас», – диэн сүтүктээх дьахтарга этэ сатаабыт да, анарааҥҥыта истибэтэх. Улахан тойон ойоҕо буолан, Аана аккаастыырын ылымматах. Онон Аана баҕарбатар да, көтүтэргэ тиийбит. Көтүтэр абын туттан саҥалыы тэринэн эрдэҕинэ кыһыл көмүстээх сыалдьа ураа үүтүнэн түспүт. Онуоха Аана ыһыытыы, кылана түспүт: «Ол иһин этэ сатаабытым, ылымматаҕыҥ. Мин аҕалар уолум, кыыһым сиргэннилэр. Онон аны мин үйэбэр ким да көтүтэр киһи үөскүө суоҕа», – диэбит. Ол эппитин курдук кэлин хаста да төхтүрүйэн холонон көрбүт да, албаһа төннүбэтэх.

Аны биир дьиктини эмиэ оҥорбута дииллэрэ. Ити хайа сылын билбэтим буолан баран, Аана эмээхсин эдэр сааһыгар буолуо. Арай биирдэ туох наадалааҕа биллибэт, кыра соҕустук атыыһыттыыр идэлээх киһи Ааналаахха киэһэ буолуута киирэн кэлэр. Саха киһитин сиэринэн ону-маны кэпсэтэн баран утуйаллар. Сарсыарда туран хоноһо барардыы тэринэр уонна Аана күтүөтэ Прокопий Прокопьевка (Кылаан уолугар) суолун ыйдараат, баран хаалар. Арай киэһэ хараҥарыыта били бөлүүн түүн ыалдьыттаабыт хоноһо төттөрү тиийэн кэлэр. «Хайа, бу хайдах буоллуҥ?» – диэн буолар, онуоха били киһи: «Дьэ билбэтим, оттон мааҕын барарбар ыйдарбыт суолбун тутуһан айаннаабытым да, бу төттөрү кэллим дии», – диэбит.

Онуоха Аана хап-сабар эппит: «Киһи буолан атыыһыттааҥҥын, кэлэ-бара сылдьан, биир аһыылаах малгын сүтэрбит эбиккин. Ол, баҕар, манна көстөөрү эйигин төттөрү угуйта буолаарай?» Хоноһо: «Дьэ билбэтим, туох да оннук улахан аһыылааҕы сүтэрбиппин өйдөөбөппүн. Баҕар, баара буолуо», – диэн саарбахтаабыт. Онуоха Аана: «Чэ, тугун таайа сатаатахпытый, киэһэ, кыаллар буоллаҕына, көрүөхпүт туох сүппүтүн», – диэбит. Дьэ хоноһо манна эрэ билбит били Аллараа Бүлүү ааттаах удаҕана Аанаҕа кэлэн олорорун. Ууга түспүт сылгы курдук куттаммыт, титирэстээбит, буордаах көлөһүнэ аллыбыт. Куттаммытын билэн, Аана: «Аккын сынньатан, аһата түһэн баран бар. Биир ааһар ыалдьыт, хонор хоноһо аһыыр астаах, көлүнэр көлөтүгэр аһатар оттоох ыалбыт», – диэн хоноһотун эйэ-дэмнээхтик, сылаас тылларынан уоскуппут. Киэһэ, боруҥуй буолтун кэннэ, Аана улахан дүҥүрүн ылан, үс төгүл суордуу кыланан баран былаайаҕын төбөтүнэн дүҥүрүн ортотугар тобугураччы охсубутугар, дьэбин быһа сиэбит былыргы саха уустара охсубут быһахтара дүҥүр ортотугар бадараана, хаппыт буора тохтубутунан кэлэн түспүт. Дьэ онно били хоноһото – куорат ааттаах баай атыыһыта – эдэр эрдэҕинэ бэлэх туппут быһаҕын дойдулаан иһэн сүтэрбитин өйдөөбүт уонна Аанаҕа махтал улаханын этэн, ол быһаҕын ыраастаан, онно баар дьоҥҥо көрдөрбүтэ үһү. Быһах бэйэтигэр сөп удьурҕай уктаах, икки өттүнэн үөстээх, кыратык төбөтүн диэкинэн дьэбиннирбит, буорга хам хата сыппытын хоҥнору тардыбыт суоллара тирии кыыныгар көстө сылдьара. Ол айан киһитэ хас да хонон, атын аһатан, сэниэ киллэрэн, таптаан-таптатан, сылаастык утуйан муммакка сөптөөх суолунан барбыта. Дьэ, ол курдук Мэҥэ Хаҥалас курдук ыраах сиргэ сүппүт, буорга тэпсиллибит быһаҕы буоруттан (хаар анныттан) хоҥнору тардан, көтүтэн аҕалан, дүҥүр үрдүгэр түһэриини киһи сөҕөр быһыытынан өйдүөххэ сөп. Дьэ оннук күүстээх көтүтэр албас биир куһаҕан киһи буорту буолбут таҥаһын көтүттэрбититтэн ханнан-сүтэн турар диэн кэпсииллэрэ (И.С. Иванов).

Улуу Удаҕаны үтэн-анньан көрүү хара өлүөр диэри тохтооботоҕо. Биир буолбут түбэлтэни ааҕааччыга тиэрдэбит. Биллэр хомунньуус учуутал Илья Семенов урут өрөбөлүүссүйэ иннинэ Аана Куокуй кинээһин кыыннаах быһаҕа сүппүтүн көтүтэн аҕалан биэрбитин истибит. Балачча уһуннук толкуйдаан баран: «Ити эмээхсини туох ааттаах арбыылларый, бэйи абын-хомуһунун хайдах эмэ тургутан көрбүт киһи», – диэн саныыр буолбут. Дьэ оҥостон, Анна Дмитриевна кыстыыр өтөҕөр Нээтийэҕэ айанныыр. Бу иһэн хамсатын суол кытыытыгар быраҕар, сэрэххэ, маһынан бэлиэ анньар.

Эмээхсиҥҥэ тиийбитигэр дьиэлээхтэр эйэҕэстик көрсүбүттэр, оһоххо чаанньык уурбуттар. Учуутал киһи быһыытынан дьоһумсуйан кэпсэтэн иһэн: «Дьэ эрэйдэнэр киһи буоллум. Өйдүү-саныы сылдьарбар диэн ааттаах ууска чочуттарбыт хаарыаннаах хамсабын сүтэрэн, ытыспын соттон баран сылдьабын. Эбэм көрдөһөбүн, көмөлөһүүй, көтүтэн көрүүй», – диэн көрдөһөр. Онуоха эмээхсин: «Бу оҕо даҕаны аны кэлэн миигиттэн ону-маны эрэйээхтиигин ээ, аныгы үйэ киһитэ кырдьаҕас түөһээҥкини күлүү гынарыҥ буолуо», – диир. «Хамсам сүппүтэ наһаа хомолтолоох, эрэйгин төлүөм, үйэлээх сааспар үтүөҕүн-өҥөҕүн өйдүү-саныы сылдьыаҕым, эрэйдэнэн көрүүй», – диэн Семенов көрдөһөр.

Эмээхсин: «Дьэ, муҥнаах да арахпат киһигин доҕор, ыл эрэ, тоҕойум, ити сэби ылан кулу эрэ», – диэн оһох иннинээҕи чиэс мастан дүҥүрүн ылларан, кыра-кыратык охсон тобугуратан, симик соҕустук кыратык мэнэрийэр былаастаан энэлийэн барбыт. Сотору буолаат, Семенов илэ-бодо көрөн олордоҕуна, кини хамсата хаардары баҕастары дүҥүргэ «топ» гына түспүт.

Эмээхсин билигин да уота-күөһэ мөлтүү илик харахтарынан Семеновы тобулута көрбөхтүү олорон: «Дьэ, үөрэхтээх эдэр оҕо барахсан, хаарыаннаах малым этэ диэн, хайа хаппыт хамсаҕын суол таһыгар элиппиккин, хайҕаабыта буолан, чохчойо кырдьыбыт эмээхсинниин бэрт былдьаһар, миигин күлүү-элэк оҥостоохтуур эбиккин. Итинник элэктиир оҕо аны туохха надыйаргын, тугу көрдөһөргүн этэ тарт», – диэн учууталы ууга-уокка түһэрбит. Семенов нэһиилэ өй ылан: «Эдьийим эмээхсин, мин билиҥҥи кэми, кини суутун-сокуонун эппинэн-хааммынан ылыммыт киһибин, аньыыбын этэбин, Эйигин маннык күүстээҕэ буолуо дии санаабатаҕым, алҕаһаабыппын, бырастыы гынаргар көрдөһөбүн», – диэн сүгүрүйэн туран көрдөспүт.

Илья Семенов учуутал кэлин кырдьан олорон: «Дьэ, муокас этэ! Мин итинтэн ордук туохтан да куттамматаҕым. Кырдьык даҕаны, бу аан дойдуга дьикти да киһи төрөөн-үөскээн олорон ааспыт эбит», – сөҕөн-махтайан сэһэргиирэ үһү (Сэмэн Дьуонап-Сэсэ).

Үс Бүлүү айдарыылаахтара

Подняться наверх