Читать книгу Үс Бүлүү айдарыылаахтара - Сборник - Страница 9

Уһулуччулаах ойууннар, эмчиттэр
Алыһардаах Аана
Архыып докумуоннарыттан

Оглавление

Анна Дмитриевна Павлова (Иванова) ааспыт ХIХ үйэ ортотугар төрөөн, олорон ХХ үйэ 30-с сылларыгар өлбүт. Саха норуота сүгүрүйэр улуу киһитэ буолар. Билигин да кини аатын истибэтэх, билбэт киһи суох буолуо. Кини туһунан бастакы суруйууну 1910 с. Саха сиринээҕи православнай таҥаратын дьиэтин хаһыата «Якутские епархиальные ведомости» ааҕааччыларыгар билиһиннэрбитэ. Ыстатыйа ааптара «христианскай итэҕэл тарҕаммытын үрдүнэн «урукку итэҕэлгэ» сүгүрүйүү дьүөрэлэһэн бараллар» диэн суруйбут, ойууннааһыҥҥа итэҕэйии күүстээҕин ыйбыт, Улуу удаҕан эмтиир күүһүн, төһө да аччата сатаатар, син билиммит.

Хаһыакка «Анна Дмитриевна таҥараһыта, эмтииригэр таҥараттан көрдөһөрө бэлиэтэммит уонна таҥара көмөтүнэн эмтиирин көрдөрө сатаабыттара. Киниэхэ эмтэтээри Бүлүү бары улуустарыттан, Өлүөхүмэттэн, киин улуустартан, бэл Үөһээ Дьааҥыттан, Халыматтан ыалдьыбыт саха, нуучча дьоно кэлэн үгүстэрэ үтүөрэн бараллара бэлиэтэммит.

Анал кыырар таҥаһы кэппэт, дэҥҥэ дүҥүрүн охсо-охсо үҥкүүлээн, ханнык эрэ таҥара, сибэтиэй уобараһын иннигэр чүмэчи уматан, көрдөһөрүн ыйбыттар. Ойууннууругар үгүс көмөлөһөөччүлэрэ, кини тугу дьаһайбытын барытын толороллор. Көрөн олорооччулар саҥатын дүҥүр тыаһыгар баһыйтаран истибэттэр эбит. Балай эмэ кыыран баран эмтээһинигэр киирэр. Ыарыһах ыалдьар сирин анал быһаҕынан кыратык быһа сотон баран, хаас куорсунуттан оҥоһуллубут тэрилинэн ыарыытын оборон ылан, иһиккэ сүөкээн көрдөрөр эбит. Хаһыакка кыайан эмтээбэккэ, үс-түөрт ыарыһаҕа өлбүтэ бэлиэтэммит. Хаһыакка тоҕо эрэ Аана Илин Сибиир генерал-губернаторын граф Алексей Павлович Игнатьевы кытта көрсүбүтүн ахтыллыбатах (НА РС(Я). Ф.12-и. Оп.1. Д.10а. Л.56).

Эмтииригэр үгүс саҥата суох эмтиирэ. Арай чүмэчи туруоран, таҥараҕа үҥэн көрдөһөрө. Кини ыарыһах тоҕо ыалдьыбытын, туохтан сэрэниэхтээҕин этэрэ, сүбэлиирэ. Ыарыһаҕы үс-түөрт хоннорон, үөрэтэн көрөрө, онтон эмтиирин саҕалыыра.

Национальнай архыыпка биир интэриэһинэй докумуон хараллан сытар – Орто Бүлүү улууһун Иннокентьевскай таҥара дьиэтин аҕабыыта Иннокентий Синицин 1905 с. балаҕан ыйын 24 күнүгэр түһэрбит үҥсүүтэ. Сурукка этиллэринэн, Павлова Өлүөхүмэ, Сунтаар, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Хочо, Ньурба улуустарын дьонун эмтээн, сылга 1 тыһ. солкуобай суумалааҕы киллэринэр эбит. Элбэх сиринэн кэргэнинээн сылдьан дьону эмтиир буолан аата кэҥник биллибит. Таҥара дьиэтигэр аҕыйахтык сылдьан суолтатыгар кириэстэнэр, үҥэр диэн аҕабыыт үҥсүбүт. Кэргэнэ Сыгынньах Ойуун таҥара дьиэтигэр Сибэтиэй Пасха күнүгэр уҥан түспүт.

Аҕабыыт Анна Павлова кыырыытыгар олохтоохтор мустубуттарыгар таҥара дьиэтиттэн 55 биэрэстэлээх сиргэ бара сылдьыбыт. Ыалдьыт киирбитин Аана көрбөтөх. Кэлин өйдөөн көрбүтүгэр аҕабыыт ойууннуурун тохтоторугар көрдөспүт. Онуоха удаҕан эппит: «Мин кыыран харчы ыларбар абааһы кучуйар». Биирэ киниэхэ «буруйун таҥараҕа үҥэн бырастыы гыннарарыгар» сүбэлээбит. Удаҕан: «Тылбын биэрэбин, мин аны кыырыам суоҕа, эн малыыппаҕыттан куттанабын», – диэн малыыппаттан аккаастаммыт. Ити эмтээбит киһиҥ хараҕа үтүөрүө дуо диэн аҕабыыт ыйытыытыгар: «үтүөрүө суоҕун сөп, эн мэһэйдээтиҥ» диэбит. Онуоха таҥара үлэһитэ кыыһырбыт уонна «эн үтүөрүө суоҕа диэтиҥ, мин таҥара көмөтүнэн үтүөрүө диибин» диэбит уонна сарсыарда түспүт ыалыгар кэлэ сылдьарыгар көрдөспүт.

Сарсыҥҥытыгар Аана кэлбит. Аҕабыыт уонна удаҕан киирсиилэрин көрөөрү дьон бөҕөтө мустубут. Дьон ортотугар аҕабыыт ойууннуургуттан аккаастан диэн өссө төгүл эппит. Аккаастанарыҥ бэлиэтин мин малыыппа ааҕыам, ону үтүктэн ис диэбит. Онно кини аны кыырарбын тохтотуом, оттон малыыппаны ааҕартан аккаастанабын диэбит. Ол эрээри кэлин да кыырарынан дьарыктанарын улуус быыбарынай кулубата Иннокентий Андреев уонна Иван Жирков, Прокопий Кычкин, Кырыкыйтан Сидор Кычкин, Чочуттан Алексей Федоров туоһулуохтарын сөп диэн суруллубут. Аанаттан чугас олорор ойууннар бары куттаналлар, кинини утары саҥарбаттар, нэһилиэнньэ кинини убаастыыр эбит. Синицин аҕабыыт Павлованы ойууннуурун хайдах боборун туһунан сүбэ көрдүүр.

Үҥсүү Консистория суутунан көрүллэр. Резолюцияҕа этиллибитинэн, ойууннааһыны утары охсуһары күүһүрдэргэ уонна удаҕан ханнык ыарыылартан эмтиирин салгыы үөрэтэргэ уурбуттар (НА РС(Я). Ф. 226-и. Оп. 2. Д. 7211). Эбэн эттэххэ, сэбиэскэй былаас хабыр сокуоннара таҥара дьиэтин үлэһиттэрин уонна ойууннары гражданскай бырааптарын быспыта. Холобур, Синицин аҕабыыт саанын устан кылгас кэмҥэ сэбиэскэй тэрилтэҕэ үлэлээбит. Оттон Анна Дмитриевна ойууннуурбун тохтотобун диэн тылын биэртин кэннэ аны саҥа былаас эмтиирин улаханнык боппотоҕо.

1920 с. сэбиэскэй былаас ойууннааһыны, итэҕэли утары күүстээх охсуһууну саҕалаабыта. 1920 с. сэтинньи ыйга, Саха сиринээҕи Губревком бирикээһинэн ойууннааһын тохтотуллубута. Ойууннары сойуолааһын, тутуу, сымыйаларын саралааһын, гражданскай бырааптарын быһыы, ыгыы-түүрүү үлэтэ саҕаламмыт.

Олохтоммут былаас дьаһалын толоро, 1923–1924 сс. Бүлүү куоратыттан ГПУ начаалынньыга Петр Бубякин-Үс Курдаах баһылыктаах милииссийэ үлэһиттэрэ Михаил Унаров, Колодезников, Чомуохаан тахсаннар ойууннары кытта кэпсэтэн өйдөтүү ыыппыттар, сэбиэскэй былаас ойууннааһыны бобор политикатын билиһиннэрбиттэр. Хампаттан актыбыыс ыччаты Үрүҥэй уола Никифоровы, Кулуччуну илдьэ Тааһаҕарынан, Тоҕуһунан айаннаан, Лүүчүҥҥэ тиийэн Иннокентий Егорович Кычкиннаах диэн ыалга тохообуттар уонна Аананы ыҥыртарбыттар. Сарсыҥҥытыгар эмээхсин күтүөтэ Кылаан Борокуоппайдыын кэлбит. Ат сыарҕатыттан туран, тайахха тэптэрэн дьиэҕэ киирбит, дорооболоһон, тас таҥаһын устан баран биллэрик ороҥҥо олорбут. Көмүлүөк оһоххо кэлэн, көхсүнэн иттээри олох маска олорбут уонна эппит: «Тохсунньубут томороон тымныыта сүрдэммит. Хайа, бу ыраах сиртэн сылдьар оҕолор, туох кэпсээннээх-ипсээннээх дьоҥҥутуй? Хараҕым кыайан ылбат. Хампаттан икки киһи баар дуу?» Онуоха Кулуччу хардарбыт: «Хампаттан иккибит, Никифоров уонна мин, Кулуччу». Бары чэйдээбиттэр. Аһаан, итиилээн баран, эмээхсин эппит: «Бу куораттан сылдьар оҕолор, миигин аҕыс уоннаах, кырдьан буорайбыт хаараханы, туох туһугар ыҥыртардыгыт?» Онуоха ГПУ начаалынньыга, Бүлүү куоратын олохтоох бааһынайа: «Эйигин оҕо эрдэҕиттэн эмтиир, далбыйар дииллэр. Ону ыйыталаһаары тахса сылдьабыт. Сэбиэскэй былаас ойууну, удаҕаны, таҥара дьиэтин сокуонунан бопто. Биһиги Тааһаҕарга, Тоҕуска сырыттыбыт, кэпсээтибит, быһаардыбыт. Ону дьэ туох диигин, кэпсээ», – диэбит. Аана эмээхсин иҥиэттэн баран: «Мин эдэр эрдэхпиттэн эмэгэттээх, иннибэр-кэннибэр сүүрээччилэрдээх этим. Сүрдээх аһыныгас майгылааҕым. Ол иһин ыарыһахтары эмтиирим. Билигин онно-манна сылдьар кыаҕым суох. Киһиргээбэккэ эттэххэ, ити этэр кыылларым бары барбыттара. Кыайан алҕаммат-туоммат да буоллум. Дьон да ол кэнниттэн тэйдилэр, ыҥырбаттар», – диэн хоруйдаабыт. «Оччоҕо, Аана, тохтуур, идэҕин быраҕар да инигин?» – Петр Бубякин ыйытар. «Аны туга да суох буолан баран, сымыйанан тугу туһалаары дьону эмтиэхпиний?» – улуу удаҕан эппиэттээбит. Кэлбит дьон эмээхсини сиэрдээхтик атаарбыттар. Куораттан Бубякин туруорсуутунан дьону эмтииригэр көҥүл биэрбиттэр. Мантан көстөрүнэн, милииссийэлэр дьону-сэргэни кытта киһилии үчүгэйдик кэпсэппиттэр. ГПУ начаалынньыга П. Бубякин көнөтө, сиэрдээҕэ, тыла-өһө олохтооҕо тута көстөр. Уопсайынан, норуокка бу киһи туһунан үчүгэй өйдөбүл хаалбыт.

Эмээхсин бу тахса сылдьыбыт дьоҥҥо абын-хомуһунун көрдөрбөтөҕө. Бу туһунан үлүннэриилээх кэпсээни халы-мааргытык оҥоһуллубут отчуоттарга олоҕуран тарҕаппыттар быһыылаах. Урут милииссийэҕэ үлэлээбит И. Варвариков кэпсииринэн, Улуу удаҕан, көрдөспүттэрин үрдүнэн, тугу да көрдөрбөтөх эбит. Эдэр уолаттарга: «Тугум да суох. Иннибэр-кэннибэр сүүрэрдэрим барбыттара», – диэн аккаастаммыт. Биллэн турар, «дьиэни алыһар балыгынан толорбут, ол балыгы милииссийэ үлэһиттэрэ илиилэринэн тутаары сыраларын биэрбиттэр үһү», «тутан илпиттэрэ сыгынаҕы кэлгийэн аҕалбыттар үһү» диэн күүркэтэн кэпсээн хойукка диэри тарҕаннаҕа. Ити сымыйа үһүйээннэри бэл кэлин суруналыыстар, краеведтар тарҕата сатыылларын киһи өйдөөбөт. Алыһардаах удаҕан сэбиэскэй былаас уорганнарынан тутуллубута, хаайыллыбыта диир оруна суох. Олох кырдьан олордоҕуна, 1931 с. Бүлүү Бороҕонугар оҥоһуллубут испииһэккэ бырааба быһыллыбыт дьон испииһэгэр Борисова Анна диэн аатынан 90 саастаах удаҕан киллэриллибит (НА РС(Я). Ф. 87. Оп.1. Д.759). Оччолорго Кырыкый нэһилиэгин Нээтийэ аҕатын ууһа Бороҕон нэһилиэгэр сыһыарыллыбыта. Оттон Нээтийэ Ойуун уолаттарын араспаанньалара сурукка киирбитинэн Борисовтар. Кэргэнэ Николай Павлов Борисовтарга иитийэх. Онон Аана үс (Иванова, Павлова, Борисова) араспаанньанан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр.

Үс Бүлүү айдарыылаахтара

Подняться наверх